«Һоктолор» эбэҥки фольклорун тарҕатааччыларынан буолаллар

Эдьигээннээҕи Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн 2015 сылтан тэриллэн үлэлиир “Һокто” фольклорнай ансаамбыл коллектив быһыытынан, суолун-ииһин булунан айымньылаах үлэ үгэнигэр сылдьар. 20 араас идэлээх, араас дьарыктаах, араас толкуйдаах, араас кыһалҕалаах дьон бииргэ түмсэн, фольклор хайысхатыгар биир киһи курдук үлэлииллэрин сэргиэххэ эрэ сөп. Ону сүрүннүүр дьоннорунан ансаамбыл салайааччылара Евдокия Алексеева, Прасковья Шадрина буолаллар. Кинилэр репертуардара байытыллан, саҥардыллан, кэҥээн иһэригэр ураты болҕомтону уураллар. — Эбэҥки төрүт култууратын көрдөрүүгэ үлэлэһэбит. Репертуарбытыгар хороводной, народнай ырыалардаахпыт, үҥкүүлэрдээхпит, норуоппут сиэрин-туомун көрдөрөр нүөмэрдэрдээхпит. Нэдиэлэҕэ иккитэ үлэ чааһын кэнниттэн мустан дьарыктанабыт. Инники өттүгэр ансаамбылбытыгар эр дьоннору ылыахпытын баҕарабыт, — диэн салайааччы Прасковья Шадрина кэпсиир. «Һокто» ансаамбыл икки сыл иһигэр фольклор хайысхатыгар ситиһиитэ олус улахан. Бастакы улахан кыайыылара Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт «Түһүлгэ» этнофольклорнай фестивальга буолбута. Мантан кынаттанан анаамбыл Сочи куоракка ыытыллыбыт аан дойдутааҕы фестивальга кыайыылаах аатын ылбыта. Маны таһынан републикаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ «эбэҥки национальнай» диэн статустаах оройуоммут аатын ааттатар, уратытын көрдөрөр, иннибитигэр уктар бастыҥ коллективпыт буолар. Республика таһымыгар ыытыллар Эдьигээн тэрээһиннэрэ кинилэрэ суох барбаттар. Быйыл саас Дьокуускайга ыытыллыбыт табаһыттар Россиятааҕы съезтэригэр, ураһаны көрүү күрэҕэр үһүс миэстэни ылбыттара. «Һоктолор» бэс ыйын 15 күнүгэр Иркутскайгы буолар этнофестивальга кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар.

«Һоктолор» эбэҥки фольклорун тарҕатааччыларынан буолаллар
© ЯСИА.RU