Сунтаардар Климент Иванову чиэстээтибит
Уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, СӨ, Абый, Сунтаар,Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарын Бочуоттаах гражданина Климент Иванов 80 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэр биһиги улууспутугар ыытылыннылар. Климент Егорович үйэ аҥаара бииргэ олорбут олоҕун аргыһын Татьяна Ивановнаны кытары төрөөбүт, үлэһит буолбут дойдутугар – Сунтаар сиригэр ыалдьыттаатылар. Кинилэри улуус баһылыга Анатолий Григорьев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Максимов, улуус баһылыгын солбуйааччыта Максим Прокопьев уо.д.а. көрсөн, арыаллаан сырыттылар. Климент Егоровиһы чиэстиир тэрээһиннэр үс күн устата улууспут түөрт нэһилиэгэр – Күндэйэҕэ, Элгээйигэ, Тойбохойго уонна Сунтаарга ыытылыннылар. Үбүлүөйдээх тэрээһин сунтаардар киэн туттар киһибит улааппыт, үөрэммит сириттэн – Күндэйэ нэһилиэгиттэн саҕаланна. Кини оҕо сааһа Харыйалаах түбэтигэр ааспыта, оскуола боруогун аан бастаан Күндэйэҕэ атыллаабыта. Үлэһит киһи быһыытынан бастакы хардыыларын эмиэ Күндэйэҕэ саҕалаабыта. Бастаан Климент Иванов үөрэммит оскуолатын кэллэктиибин, үөрэнээччилэрин кытары үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстэ. Оҕолор оскуолаларын гимнин, төрөөбүт дойдуларын туһунан ыллаан иһитиннэрбиттэрэ туһунан бэлэх буолла. Санатан эттэххэ, бу оскуола лоп-бааччы биэс сыл анараа өттүгэр саҥа, билиҥҥи үйэ бары ирдэбиллэригэр эппиэттэһэр таас дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирэригэр Климент Иванов ула-ханнык көмөлөспүтэ. Бу тэрээһин сарсыныгар, күндэйэлэр таас оскуолаларын төрөөбүт күнүн бэлиэтээтилэр. Салгыы «Ил» култуура киинигэр нэһилиэк олохтоохторун кытары көрсүһүү буолла. Бу дьоро тэрээһин үөрүүлээх чааһын Климент Иванов 80 сааһыгар анаан Игорь Петров, Валерий Ядрихинскай устубут «С открытым сердцем во благо республики» диэн документальнай киинэлэрин көрдөрүүттэн саҕаланна. Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Васильевич Климент Иванову төрөөбүт Сунтаарын улууһа сайдарын туһугар күүс-көмө, сүбэ-ама буола сылдьарын иһин махтанан туран истиҥник эҕэрдэлээтэ. Манна Климент Егорович бииргэ алтыспыт, үлэлээбит атастара кэлэн бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, бииргэ үлэлээн-хамсаан кэлбит кэмнэрин ахтан-санаан аастылар. Күндэйэҕэ көрсүһэн баран, үбүлүөйдээх ытык киһибит төрөөбүт Элгээйитигэр айаннаата. Элгээйи нэһилиэгэр киирэр аартыкка олохтоохтор көрүстүлэр. Манна, киирээти кытары сытар сиргэ тутуллуохтаах агрокварталга үөрүүлээх быһыыга-майгыга Климент Егорович Иванов аата иҥэрилиннэ. Улуус үрдүнэн ханна да суох, тупсаҕай тутуулаах, Климент Иванов сүүрэн-көтөн, күүс-көмө буолан туттарбыт оскуолатын бибилэтиэкэтигэр эмиэ кини аатын иҥэрдилэр. Ыалдьыттар «Я – лидер XXI века» диэн чугастыы сытар нэһилиэктэр оскуолаларын үөрэнээччилэригэр ыытыллыбыт дьыалабыай оонньуу түмүгүн таһаарыыга сырыттылар. Оонньуу кыттыылаахтарын олус интэриэһинэй ыйытыыларыгар Климент Иванов бэрт сэргэхтик хоруйдаан оҕолору үөртэ. Саҥа тутуллубут «Оһуор» култуура киинигэр чугас сытар нэһилиэктэр баһылыктара кэлэн эҕэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Сарсыныгар Татьяна Ивановна, Климент Егорович Тойбохой мусуойун дьиэтигэр Хочо оскуолаларын үөрэнээччилэрин кытары «Диалог поколений» диэн бэрт истиҥ көрсүһүүгэ кытыннылар. «Дьулуур» биир сомоҕо оҕо хамсааһынын актыбыыстара, оскуолалар хаһыаттарын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ «кыра сылдьан мэниктиир этиҥ дуо?» диэн ыйытыктан саҕалаан экэниэмикэҕэ тиийэ ыйытан маанылаах ыалдьыппытын олуһун сөхтөрдүлэр, үөртүлэр. Ити кэннэ Климент Иванов Тойбохойдооҕу оҕо киинин кэрийэн көрдө, үлэһиттэри, иитиллээччилэри кытары кэпсэттэ. Дириэктэринэн саҥа ананан үлэлии сылдьар Роман Догойдонов үлэ-хамнас туһунан билиґиннэрдэ. Климент Егорович Сунтаар оройуонун салалтатыгар таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан олорбут кэмигэр бииргэ алтыспыт доҕотторо Михаил Иннокентьевич Коколов, Клавдий Иванович Михайлов, Николай Васи-льевич Тотонов эҕэрдэлии кэлбиттэр. Эҕэрдэҕэ Сунтаар улууһун баһылыгын солбуйааччы Максим Прокопьев, Хочо нэһилиэгин баһылыктара кыттыһан сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Тойбохой нэһилиэгин баһылыга Станислав Егоров ыаллыы сытар нэһилиэктэр дьаһалталарын аатыттан убаһа бэлэхтээтэ. Сунтаар нэһилиэгэр түмүктээһин буолла. «Олоҥхо дьиэтэ» этно-култуурунай кииҥҥэ ыалдьыттары Мария Егорова-Тойуктаах Маарыйа сахалыы сиэринэн алгыһынан көрүстэ. Сунтаардар эрэ буолбакка, Саха сирэ бһттүүн киэн туттар киһибитин эҕэрдэлээри улуус баһылыга Анатолий Григорьев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Максимов, нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, Сунтаар нэһилиэгин ытык кыр-дьаҕастара кэлбиттэр. Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан убаһа бэлэхтээтэ. Климент Егорович 80 сааһын көрсө «Олоҕум суола», «Олоҕум аргыстара» диэн икки кинигэни таһаарбытын сүрэхтэниитэ буолла. «Олоҕум суола» кинигэтин сылдьыбыт көрсүһүүлэрин ыалдьыттарыгар илии баттаан бэлэхтэ-тэлээтэ. Климент Егорович бу сырыытыгар улаханнык ытыктыыр дьонугар, Элгээйигэ Борис Андреев өйдөбүнньүгэр, Тойбохойго хаста даҕаны чэйдээн ааспыт Георгий Бессонов дьиэтигэр сибэкки дьөрбөтүн уурбута бэйэтэ туһунан суолталаах. Киэн туттар, ытыктыыр биир дойдулаахпыт төрөөбүт дойдутугар кэлэн, бииргэ алтыспыт атастарын кытары көрсөн, сэһэргэһэн, сэниэ ылан, сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн барда. Кини улуус, нэһилиэк салалталарыгар уо.д.а. атын эйгэлэргэ үлэлии-хамсыы сылдьар ыччаттарыттан, билиигэ тардыһар үөрэнээччилэриттэн астынан туран Сунтаар улууһа сайдар кэскиллээҕин бэлиэтээтэ.