Никита Андреев: Горнайга олорор усулуобуйа тубуста
“Ил Дархан Егор Борисов Горнай улууһугар олус элбэхтик мунньахтыыр, сайдыы бөҕө буоллулар”, — диэн атын улуустар ордугургуурга дылылар. Ити Горнай улууһугар норуот көҕө олус күүстээҕин кытта сибээстээх эбит дии санаатыбыт Сахамедиа “Улуус олоҕо” анал бырайыагын суруналыыстара. Бары үтүө көҕүлээһиннэр Горнайтан тахсалларын илэ харахпытынан көрдүбүт. Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта “Саха” НКИК саҥа тахсыбыт оҕолорго аналлаах “Түннүк” биэриитигэр “Горнайга хортуоппуй тоҕо үүммэтий?” – диэн улуус айылҕатыгар сыһыаннаах ыйытыы биэрбиттэрин үгүс көрөөччүлэр соһуйа истибиппит. Бүгүн Дьокуускай куораттан чугас сытар эрээри, тыйыс айылҕалааҕынан биллэр улуус баһылыга Никита Андреевы кытта улуус кэскиллээх сайдыытын туһунан кэпсэттибит. — Никита Викторович, күөх төлөн киирбит улууһугар дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа төһө тубуста? — Мин 2013 с. улуус баһылыгынан талыллан баран, улууска дьон олорор усулуобуйатын тупсарыыга үлэлиэм диэн сорук туруоруммутум. Ол курдук, инфраструктураны сайыннарыы, нэһилиэнньэлээх пууннары кииннэммит ититиигэ холбооһун, суолу-ииһи оҥоруу, сибээһи тупсарыы курдук хайысхаларга былааннаах үлэ ыытылынна. Билиҥҥи туругунан көрдөххө, дьиэ-уот 70 % кииннэммит ититиигэ холбонно. Итиннэ “СӨ ОДьКХ” ГУП инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн 10-ча хочуолунай тутуллан, кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонууга сөптөөх усулуобуйа олохтоммута төһүү буолла. Аны туран Ааһымаҕа гаас утаҕа кэлбитэ. Эһиил Бэрдьигэстээх диэки салалларыгар эрэллээхпит. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, предпринимательствоны сайыннарыыга олохтоох бүддьүөттэн 10 мөл. кэриҥин тыырабыт. Бу сөптөөх дьаһал дии саныыбын. Бэйэ оҥорон таһаарар табаарынан хааччыллыы хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Хаачыстыбалаах сибээһинэн хааччыйыыга тохтоотоххо, СӨ Сибээскэ уонна иһитиннэрэр технологияларга министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат уонна Горнай улууһа буоламмыт сибээһинэн хааччыйыы эйгэтигэр үс өрүттээх сөбүлэһии түһэрсибиппит. Сөбүлэһиигэ олоҕуран өрүттэр Дьокуускай – Маҕарас — Бэрдьигэстээх хайысхатынан волокно-оптика линиятын тутууну тэрийиэхтээхпит. Маны таһынан сибээскэ Бүлүү, Дьокуускай, Горнай эмиэ меморандумҥа илии баттаспыппыт. Олорор усулуобуйа тупсан, ыччат тыа сиригэр хаала сатыыр буолла. Урут нэһилиэнньэ иннигэр сылга биирдэ отчуоттуур буоллахпытына, билигин кыбаартал аайы көрсүһэбит. Бу үөскээбит кыһалҕалары тута туоратыыга, үлэни-хамнаһы торумнуурга олус көмөлөөх эбит диэн биһирээтим. — Саха сирэ” хаһыат “Хаһыат уонна ааҕааччы” балаһатыгар Горнай улууһун сахалыы ааттыахха диэн этии киирэн, кэпсэтиини таһаарбыта. Итиннэ туох санаалааххын? — Кырдьык, ити өрөспүүбүлүкэ Ытык сүбэтин бочуоттаах чилиэнэ, Өлөөн бочуоттаах олохтооҕо Ньукулай Ньукулаайап “Горнайы сахатытыахха” диэн ыстатыйатын аахпытым. Бу маннык ис хоһоонноох боппуруоһу Суверенитеты ылыныы кэнниттэн 90-с сылларга эмиэ дьүүллэһэн тураллар. Ол кэмҥэ аһаҕас ырытыһыы кэнниттэн Горнай бэйэтин аатынан хаалбыта. Тус бэйэм санаабын эттэхпинэ, сүрүннээн, Арҕаа Хаҥалас диэн ааттыыры утарбаппын. Ол эрээри, маннык боппуруостары биир киһи быһаарбат, нэһилиэнньэни кытта дьүүллэһиэххэ наада. Олох ыгыллыы буоллаҕына, референдум да ыытыахха сөп. — Горнайга ханнык исписэлиистэр наадаларын атын улуус олохтоохторо ыйыталлар. Сэрэйдэххэ, куораттан хаайтарыыта суох сиргэ олорор буолаҥҥыт, үлэлии кэлиэхтэрин баҕаран эрдэхтэрэ. — Улууска социальнай эйгэҕэ, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ исписэлиистэринэн хааччыллыы каадырдары чопчу аттарыы көмөтүнэн бара турар. Доруобуйа харыстабылыгар быйыл “Земский доктор” бырагырааманан 2-3 исписэлиис, уопсайа бырагыраама үлэлиир кэмигэр 10 киһи, кэлбитэ. Биһиэхэ олоххо көхтөөх позициялаах предпринимателлэр наадалар. Сайдалларыгар туох кыалларынан көмөлөһө сатыа этибит. Биллэн турар, гаас хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, тутааччылар эмиэ үлэлии кэлиэхтэрин сөп. — Саха ынаҕын иитэр эбиккит. Өссө таба, киис курдук киин улуустарга суох кыыллар бааллара олус интэриэһиргэтэр. — Саха ынаҕын Одуну уонна Маалтааны нэһилиэктэригэр иитэбит. Тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатын тэрийээччибит. Онно тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулары иитэр сүөһүлэрин, көтөрдөрүн быыстапкаҕа туруоралларыгар ыҥырбыппыт. Манна куруолук 4-5 көрүҥэ, коза, бараан, фазан, индюк, куурусса, киис, саһыл, күөх кырса көрдөрүүгэ туруоруллубуттарын дьон олус биһирээбитэ. Хайа уонна СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин нөҥүө Канадаттан аҕалыллан, олохтоох сиргэ-уокка үөрэнэн, олохсуйан, төрөөн-ууһаан эрэр бизоннары эбэн кэбиһиэххэ. 2012 с. эт бородууксуйатын астыыр мини-сыаҕы арыйбыппыт, билигин 4 т бородууксуйаны оҥорор. 30-40 көрүҥ бородууксуйаны таһаарар. Сүөһүнү эккэ анаан иитии кэскиллээх хайысха. Онон федеральнай ирдэбиллэргэ олоҕуран буойуна тутуллар. — Ол эрээри, хомойуох иһин, бу үс сыл сүөһү төбөтүн ахсаана аччаата диэтиҥ. — Үөһээ этэн аһарбытым курдук, тыа хаһаайыстыбатыгар бүддьүөттэн өйөбүл оҥоһуллубатаҕа буоллар, балаһыанньа өссө мөлтүө этэ. Швейцария курдук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дойдуну кытта тэҥнээтэххэ, биһиги улууспут уонна Швейцария сирдэрин иэнинэн майгыннаһаллар ээ. Горнай – 45,6 тыһ. кв.км., Швейцария – 42 тыһ. кв.км. кэриҥэ. Бу дойду холобурунан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыахха сөп. Дьиҥэ, сүөһүбүт ахсаанын 10 төгүл улаатыннарар кыах баар. Маныаха ыраах сытар учаастактарбытын таба туһанан, сүөһүнү сөптөөх аһылыгынан хааччыйар кыахтаахпыт. — Куорат уонна тыа сирэ биир сибээстээх буолуохтаахтар диэн санаанан салайтарар эбиккит. — Оннук. Горнай улууһугар тыа хаһаайыстыбатын инвестициялааһыны биир дойдулаахтарбыт нөҥүө саҕалаатыбыт. Холобур, Дьокуускай куоракка олорор дьоҥҥо анаан ыал биир ынаҕы уонна биэни тутуон сөп. Дьокуускайга 3000 кэриҥэ биир дойдулаахпыт олорор буоллун. Дьэ, олор 3000 ынаҕы уонна 3000 сылгыны туттуннар. Оччоҕуна сүөһү төбөтүн ахсаана икки төгүл улаатыа этэ. Өрөспүүбүлүкэ да үрдүнэн маннык дьаһалы олоххо киллэриэххэ сөп. Бу дьаһал биһирэнэр түбэлтэтигэр, тыа сирин олохтоохторо бэйэлэрин бородууксуйаларын батарар, хамнастанар кыахтаналлар. Тоҕо табыллыа суоҕай?! Быһата, “куорат — тыа сирэ” диэн биир баайыы буолуохтаахтар. — Уһук Илиҥҥэ гектар сири ылыы хайдах баран иһэрий? — Сэтинньи 10 күнүнээҕи туругунан 60 сайабылыанньа киирбититтэн 4 сайабылыанньаҕа илии баттанаары турар. Сүрүннээн Бэрдьигэстээх, Маҕарас олохтоохторо биэрдилэр. Кырдьык, бу гектар сири ылыыны ырытан көрдөххө, Хаҥалас улууһугар сайабылыанньа элбэх эбит. Намҥа эмиэ. Хаҥалас улууһа Дьокуускайтан чугас сытарынан буолуон сөп. Бу боппуруоска туох кыһалҕа баарый диир буоллахха, нэһилиэнньэ ситэ билбэккэ олорор курдук. Улууска бу үлэ тэрилтэлэринэн ыытыллан эрэр. Сири ылыы ньымаларын хас биирдии олохтооххо илдьиритэн иһитиннэриэхпит. — Горнайга киэн туттуу, патриотизм тыыныгар олох оҕо эрдэхтэн иитиллэн тахсаллар быһыылаах. — Мин санаабар, сайдыы төрүтүн дьон түстүүр. Олохтоохтор көхтөөх, патриот буоллахтарына, оройуон кыахтаахтык сайдар кыахтаах. Быйыл улууспут төрүттэмитэ 85 сылын бэлиэтиибит. Эһиил биир дойдулаахпыт, саха народнай поэта Семен Данилов төрөөбүтэ 100 сылын туолуоҕа. Семен Петрович “Саха үҥкүүтэ” хоһооно “Якутяночка” диэн ырыа буолан, өрөспүүбүлүкэ аатын-суолун үрдэтиигэ олус үтүө сабыдыалы оҥорбутун өйдүөх тустаахпыт. Бу ырыа буолбут хоһоон өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытыгар сабыдыаллаата, быһата, туристическай уобараһы арыйда дии саныыбын. Кини улуу Олоҥхобутун нууччалыы саҥардарга үлэ бөҕөнү ыыппытын Мытаах мусуойугар хараллан сытар Державин суруга туоһулуур. Оттон быйылгы киинэ сылыгар мантан төрүттээх режиссер Константин Данилов Егор Неймохов айымньытынан “Мой убийца” киинэтэ тахсыыта эмиэ биир бэлиэ түгэнинэн буолла. Иллэрээ сыл олохтоохтор көрдөһүүлэринэн ытык киһибитин Эдьиий Дораны кытта көрсүһүүнү тэрийбиппит. Кини биһиэхэ улууспут инники сайдыытын туһунан үтүө тыллары тосхойбута биһиэхэ инникигэ эрэли сахта. — Ханна төрөөбүт дойдуга таптал баар да, онно сайдыы баар диэн саныыбыт. Горнай улууһугар оннук санаалаах дьон олороллорун “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн илэ харахпытынан көрдүбүт. Никита Викторович, баһылыкка бу сүдү тирэх буолар буолахтаах, онон ситиһиилэри! Горнайдар – Чыпчаалга!