Үөһээ Бүлүүгэ «Алыптаах Саҥа Дьыл» киинэ премьерата буолла
Үөһээ Бүлүүтээҕи айымньы киинин специалиһа, режиссер Иван Тойтонов Россияҕа Киинэ сылын түмүктүүр сыаллаах, ону тэҥэ Саҥа Дьылы көрсө биир дойдулаахтарыгар бэлэх оҥорон бэрт сэргэх бырааһынньыктааҕы киинэни дьон көрүүтүгэр таһаарда. Автор Иван Тойтонов киинэтин сценарийын эрдэттэн толкуйдаабытын туһунан кэпсиир. «Хас биирдии оҕо Тымныы оҕонньор баарын итэҕэйэр, Саҥа Дьыл чугаһаатаҕына бэлэх ылаары олус күүтэр. Ол иһин киинэбэр дьиҥнээх Тымныы оҕонньору көрсөр хайдах буолуо этэй диэн санааттан таһаарбытым. Сүрүн оруолларга оонньообут дьоммор улахан махталбын тириэрдэбин. Ол курдук, артыыс быһыытынан Тымныы оҕонньору Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан лицей-интернат үлэһитэ Юрий Никифорович Алексеев олус үчүгэйдик оонньоото. Айаал диэн сүрүн оруолга Үөһээ Бүлүү ыччата, «Бүлүү» атыы-эргиэн киинин үлэһитэ Василий Муксунов уһулунна. Золушка оруолун «Т-студио» киинэ куруһуогун иитиллээччитэ, М.Т.Егоров аатынан 2 №-дээх орто оскуола 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Настя Ксенофонтова толордо. Ону таһынан П.А.Ойуунускай аатынан Саха драматическай театрын «ДетСат» студиятын артыыһа Степан Порядин Үөһээ Бүлүүгэ гастроллуу кэлэрин истэммин эрдэттэн кэпсэппитим. Инньэ гынан, оҕо оонньуурун атыылыыр маҕаһыын атыыһытына оруолугар уһуллан киинэбин олус киэргэттэ диэххэ наада», — диир кини. «Алыптаах Саҥа Дьыл» киинэ премьерата тохсунньу 7-8 күннэригэр буолан ааста. Көрбүт эрэ бары астынан-дуоһуйан, бырааһынньыктааҕы настырыанньаны ылан тарҕастылар. Салҕыы, сайаапка быһыытынан киинэни нэһилиэктэринэн көрдөрүөхтэрэ. Ол курдук, тохсунньу 9 күнүгэр Кэнтиккэ, онтон 10-с чыыһылаҕа Нам нэһилиэгэр киинэни Иван Тойтонов биир дойдулаахтара көрүөхтэрэ.