Көхтөөх үлэ далааһыннаах тэрээһин далаһата

Быйыл Россиятааҕы үөрэнээччилэр хамсааһыннара тэриллибитэ биир сылын бэлиэтээтибит. Бу тэрилтэ дойдубут бары муннуктарын үөрэнээччилэрин түмэр, сомоҕолуур, биир хайысхалаахтык, биир сыаллаахтык үлэлиири, үөрэнэри көҕүлүүр. РДШ оҕолору бары өттүнэн сайыннарар сыаллаах, киэҥ хабааннаах, үрдүк таһымнаах тэрээһиннэри ыытар. Онуоха В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын «Клуб Ларионовцы» оҕо тэрилтэтэ бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт. Тэрээһиннэри көтүппэккэ өрө көтөҕүллэн кыттыым түмүгүн сыаналааннар, ахсынньыга Москва куоракка ыытыллыбыт Россиятааҕы үөрэнээччилэр хамсааһыннарын бастакы кыһыҥҥы Фестивалыгар кыттар үрдүк чиэскэ тиксибитим миэхэ умнуллубат. Бу далааһыннаах тэрээһиҥҥэ дойдубут бары муннугуттан уопсайа 300 лидер үөрэнээччилэр мустан бэйэбит региоммутун, республикабытын сырдаттыбыт. Саха сириттэн иккиэ буолан оскуолабытыгар үлэлиир оҕо общественнай хамсааһынын үлэтин туһунан кэпсээтибит. Фестиваль сыалынан-соругунан – Россияҕа олорор араас омук оҕолорун түмүү, доҕордоһууну, сомоҕолоһууну көҕүлээһин уонна үөрэнээччилэр баҕа санаалара, идеялара олоххо киирэрин өйөөһүн буолла. Тэрээһин бары өттүнэн олус дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна. Тэрийээччилэринэн Россиятааҕы оҕо киинин дириэктэрэ Алиса Крюкова, РДШ бэрэссэдээтэлин көмөлөһөөччүтэ, информационнай-медийнэй хайысха салайааччыта Яна Чурикова, РФ оҕону уонна эдэр ыччаты иитии эйгэтигэр государственнай департаменын дириэктэрэ Игорь Михеев буоллулар. Тэрээһин Россиятааҕы үөрэнээччилэр хамсааһыннарын түөрт хайысхатынан ыытылынна – информационнай-медийнэй, байыаннай-патриотическай, личностнай сайдыы, гражданскай көхтөөх буолуу. Хас хайысха аайы үөрэнээччилэри кытта араас эйгэҕэ ааттаах-суоллаах, биллиилээх үлэһиттэр кэлэн атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр, сүбэ-ама биэрдилэр. Мин информационнай-медийнэй хайысхаҕа кытынным. Онно «Дрофа» издательство 5-7 кылаастарга аналлаах литература учебнигын автора Борис Ланины кытта көрүстүбүт уонна 2017 сылга РДШ информационнай-медийнэй хайысхатыгар үлэ торумун оҥордубут. Фестиваль кыттыылаахтара түөрт күн иһигэр олус элбэх, үрдүк таһымнаах тэрээһиннэргэ кытынныбыт. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиитин быыстапкалыыр киин киэҥ-куоҥ уораҕайыгар буолла. Онно «Россия – моя история» историческай паркаҕа Бүтүн Россиятааҕы патриотическай форум уонна Геройдар күннэрэ ыытылынна. Маны сэргэ, «Экспериментариум» занимательнай наука музейын сэргээтибит, Москватааҕы филармонияҕа Кай уонна Герда туһунан симфоническай остуоруйа көрдүбүт. Фестивалга кыттан дойду араас муннугуттан олус көхтөөх, көрдөөх, үтүө доҕоттордоммуппуттан уонна киэҥ түһүлгэҕэ республикабар оҕо тэрилтэтин үлэтин туһунан сырдаппыппыттан олус үөрдүм. Маннык киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ кыттан кырдьыга да, киһи бары өттүнэн сайдар эбит диэн бигэ итэҕэйдим. Бука бары үөрэнээччилэргэ оскуолаҕыт ыытар бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттыҥ, улуускут, республикабыт туһугар айымньылаахтык үөрэниҥ, үлэлээҥ диэн ыҥырабын.

Көхтөөх үлэ далааһыннаах тэрээһин далаһата
© ЯСИА.RU