Махтаныам этэ, Эйиэхэ…
Олох араас моһоллоругар, көһүтүллүбэтэх түгэннэригэр түбэһэн киһи уйана-хатана биллэр, майгыта тургутуллан көрөр кэмэ хайаан да баар буолар. Онуоха аһыныгас, алдьархайга түбэспиккэ көмөлөһөр хорсун санаалаах, быыһыыр-абырыыр инниттэн олохторун да кэрэйбэт дьон биһиги кэккэбитигэр бааллара үөрдэр, үтүө холобур буолар. Ол иһин, киһи сүрэҕин кылын таарыйар, санаатын көтөҕөр, тулалыыр дьоҥҥо холобур буолар киһи туһунан сырдатан, сурукка тиһэн үйэтитэр сыаллаах Үөһээ Бүлүү улууһун хаһыатыгар «Махтаныам этэ, Эйиэхэ…» диэн саҥа рубрика арылынна. Күөрэгэйбин быыһаатылар Тохсунньу 29 күнүгэр Далыр нэһилиэгэр Роман Филиппов сүөһүтэ ойбоҥҥо түспүтүн хостуу сатыы сылдьарын ааһан иһэр дьон көрөн, Далырдааҕы Баһаарынай чаас тэрилтэтигэр тыллаабыттар. Үс үлэһит тута кэлэн сүөһүнү өлөр өлүүттэн өрүһүйдүлэр. Бу туһунан хаһаайына маннык кэпсиир: —Эбиэт кэннэ ынахтарбын «Тиргитик» эбэҕэ уулата атаарбытым. Сүөһүлэрим кэлбиттэрэ, арай, Күөрэгэйим суох… Ыксаатым, «ойбоҥҥо түспүт быһыылаах» диэн хотонтон үргүлдьү ойбоҥҥо сүүрдүм. Тиийбитим, ынаҕым барахсан икки кэлиҥҥи атахтарынан ойбоҥҥо түһэн хаалбыт, сүр күүскэ тыынар, тахса сатыы сытаахтыыр… Мин саҥабын истэн биллэ, ыксаабыт, аһыннарбыт харахтарынан көрөөхтүүр. Уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, туох баар күүспүнэн-кыахпынан муоһуттан тардыалаан көрдүм да, соҕотох киһи кыайыам баара дуо?! Муҥ саатар быам да суох, суотабайым да суох. Көмө көрдүү ыксалынан, хаамар сүүрэр икки ардынан баран истэхпинэ, хата, ОДьКХ начаалынньыга Константин Гаврильев ынахпын сосуһа сылдьарбын көрөн, Баһаарынай чаас сулууспатыгар тыллаабыт. Тутатына МЧС үлэґиттэрэ: начаалынньык Иван Семенов, караул начаалынньыктара Алексей Михайлов, Афанасий Семенов кэлэннэр Күөрэгэйбин хостоон таһаарбыттара. Чаас кэриҥэ тымныы ууга сыппыт ынахпын сонно укуоллаан атаҕар туруорбут бэтэринээр үлэһиттэригэр Григорий Мироновка, Николай Герасимовка тылбынан этиллибэт махталбын тиэрдэбин. Ону тэҥэ Баһаарынай чаас бэриниилээх, түргэн-тарҕан туттуулаах уолаттарыгар сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин. Үтүөнү оҥорбут бар дьоммор тус олохторугар дьолу, чиҥ доруобуйаны, үлэлэригэр ситиһиини баҕарабын! Роман кэпсииринэн уон төбө сүөһүнү кыстатар. Икки ынах төрөөн турар, онтон биирдэһэ – Күөрэгэй. Билигин туруга ама, кэмигэр өрүһүллэн оҕотун эмтэрэр.