Проект «YaWoman»: Подведены итоги конкурса на самое трогательное признание в любви
Проект «YaWoman» и портал «Эдэр Саас» подвели итоги конкурса, посвященного Дню Святого Валентина. Всего поступило семь милых и трогательных признаний в любви. Журналисты газет «Якутия», «Саха Сирэ» и портала ЯСИА выбрали два лучших (на русском и якутском языках). Итак, победителями признаны: Валентин Егоров и Индиана Феофанова. Их ждет фотосессия в жанре Love story от лучших фотографов «Сахамедиа»! Сегодня, в праздник всех влюбленных, мы публикуем работы победителей и участников. Читая их, понимаешь: любовь такая разная. Но она всегда теплая, нежная и светлая. Говорите слова нежности родным людям как можно чаще. Любви, благодарности и заботы много не бывает. Мы все нуждаемся в поддержке, понимании и вере в нас, особенно в кризисные периоды жизни. Но вовсе не нужно ждать какой-то подходящей ситуации, чтобы продемонстрировать свои чувства родному человеку. Давайте жить в любви и дарить ее близким каждый день! С любовью, YaWoman Я буду держать тебя за руки. Когда они будут волноваться и дрожать, я успокою их. Когда твои пальцы будут мерзнуть, я согрею их своим теплом. Мои руки поддержат тебя и помогут подняться. Они обнимут тебя в трудные минуты и привлекут к себе. Иногда руки будут злиться, обижаться, они будут хлопать дверью и отталкивать тебя. Но мы всегда сможем простить друг друга. Потом наступит время, когда ты будешь качать на руках нашего ребёнка. Вскоре эти маленькие пальчики подрастут и начнут тянуться к нашим рукам. А на закате я буду держаться за твои морщинистые руки. Мне будет трудно ходить, поэтому я часто буду на них опираться. Что бы ни случилось, помни: я буду держать тебя за руки. Всегда. Иннокентий и Пелагея Владимировы Здравствуй! Ты знаешь, наше взросление было на переломе страны, её истории, мы не стремились к высшим материям Любви. Мы вынуждены были заниматься иными буднями. А бытие определяет мировоззрение. Нашу жизнь сложно сравнить с рафинированным сахаром или терпким вкусом пряностей. Ты был на войне, не раз. И это лихолетье не сравняло тебя ни с дешевым жульём, ни с полутенью подворотни. Ты выявил в себе грани настоящего якутского алмаза и достойно обрамил в уважение и любовь. Время меняется стремительно, меняются и люди, и мы. Но один образ не позволяет мне впасть в прелести тщеславия и самодовольства. Словно знание Провидения, меня укреплял в воле и трудностях настоящий образ – твой. Возможно, ты не крутил флирты, и их премного есть. Но ты достоин не увенчанной значением регалии, а сияния вершины Любви. Невозможно не сказать классически: Тебя люблю, но странною любовью! Не победит её рассудок мой. Ни слава, купленная кровью, Ни полный гордого доверия покой. Анжелика С. Эрэл, итэҕэл, өйдөһүү — бу барыта таптал иэйиитэ, дьикти күүһэ. Таптал туһунан төһө ырыа суруллубутай? Төһө хоһоон хоһуллубутай? Төһө кэрэ тыл этиллибитэй?.. Оттон мин төһө да суруйар дьоҕурум суох буоллар, бу кэрэ иэйииттэн санаам көтөҕүллэн, олохпор баар күндү киһибэр, кырачаан кыысчааммар, тапталым тыыннаах тылларын ис сүрэхтэн анаан, сурукка тиһэн суруйарга сананным. Сэгэриэм, өйдүүбүн куруук тэйиччи сылдьарбытын, санаатаҕым аайы аттыгар баар буолбаппын, сүрэхпитин куруук ахтылҕан баайарын. Ол эрээри, тулуйар, кэтэһэр, ахтар диэн бэйэтэ туспа ДЬОЛ буоллаҕа! Чыычааҕым, куруук этэҕин “хомойор түгэҥҥэр туох эмэ үчүгэйи санаа” диэн. Мин куруук эйигин көрсүбүт түгэммин саныыбын. Ол кэмҥэ сэрэнэн кууһан туран кистэлэҥ санаабын арыйбыппар, эн оҕолуу истиҥ мичээргинэн, чоҕулуйбут хараххынан мин сүрэхпин уорбутуҥ. Бу күҥҥэ диэри таптал диэҥҥэ итэҕэйбэт бэйэм, маҥнайгыбын икки сүрэх биир тэҥҥэ тэбэрин истибитим. Ол күнтэн ыла эн сылааскар арахсыбакка сууланаммын, саҥа олоххо үктэммитим. Эн бааргын доҕоруом, мин тыыннаах сибэкким, мин күндү көмүһүм, олохпун байытар соҕотох сулуһум. Күндү киһим, Оксанчигым, мин эйигин олус күүскэ таптыыбын! Кэлэн иһэр тапталлаахтар күннэринэн итиитик-истиҥник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Эн эрэ мин олоҕум суолтата, эн эрэ мин дьылҕам бэлэҕэ, эн эрэ мин эрэлим, саарбаҕа суох эрэнэр киһим буолаҕын. Баһыыба аттыбар бааргар, куруук үөрдэ сылдьаргар. Уонна туох да буолбутун иһин биири умнумуох: эн уонна мин сыһыаммытыттан күндү туох даҕаны суох. Александр Макаров Мин сүрэҕим, тоҕо эн эмискэ чуумпу бэйэҕэр кинини киллэрэҥҥин аймаатыҥ? Мин санаам, тоҕо эн кими даҕаны билиммэт бэйэтэ киниэхэ иннигин биэрдиҥ? Мин харахтарым, бу күҥҥэ диэри олох кэрэтин кыайан көрбөт бэйэҕит көрбүккүт барыта сырдыгынан сыдьаайар буолла? Мин уостарым, хаhааҥҥыттан истиҥ тыллары, ырааhы, үтүөну этэр буоллугут? Мин дууhам, хаhааҥҥыттан эн олоҕу таптыыр буоллуҥ? Мин олоҕум, хайа күнтэн эн маннык кэрэ буоллуҥ? Эйигин билиэм иннинэ билбэтэх санаабын билэммин, Эйигин көрсүөм иннинэ эппэтэх тылларбын этэммин, Эйигин мин үйэ саас тухары сүрэхпэр илдьэ сылдьыам, Эйигин мин устар олоҕум тухары санаабар тута сылдьыам, Эйигин мин баарым тухары харыстыам, Эйигинниин мин дьоллоохпун дии сананыам! Таптыыбын — итэҕэй, бу истиҥ тыллар! Таптыыбын — эрэн, эн наар мин аттыбар! Таптыыбын — кэтэс, уустуктары аахайбакка аhардыахпыт! Таптыыбын — харыстаа, эн биhикки уостубат тапталбытын! Таптыыбын — бу дьиҥнээх, бу чахчы, бу истиҥ! Таптыыбын, таптыыбын мин эйигин!!! АНГЕЛИНА, СЫРДЫК ДА ААТТААХХЫН, АНГЕЛИНА, КЭРЭ ДА ДЬҮҺҮННЭЭХХИН, АНГЕЛИНА, ИСТИҤ ДА МАЙГЫЛААХХЫН, АНГЕЛИНА, НАРЫН ДА КУОЛАСТААХХЫН, АНГЕЛИНА, ЭН МИЭХЭ КҮНДҮГҮН!!! Төһө да ыраах буолларбын, хас да сыл-хонук аастын, Биһиги истиҥ дьолбутун туохха да атастаспаппын, Сэрэнэн, дьонтон кистээн илдьэ сылдьыам сүрэҕим түгэҕэр, Тапталбыт кута өрүүтүн умайыа диэн дууһам эрэнэр, Хас биир этэр тылбар эн эмиэ эрэн доҕоруом, Баарбынан-суохпунан эһиги тускутугар мин турунуом, Уйунуом суолбар барытын эн миигин кынаттыырын тухары, Эн эрэ уоскутаҕын мин санаам түгэҕэр баар сиэмэх кыыллары, Аттыгар суох күннэрбэр санаабынан мин эн таскар, Суолгун сырдатар аргыс буолуом эн ханна да буолларгар, Ардах да буолан, хаар да буолан түһүөм эн ытыскар, Санаабынан бу олорон бүтүннүү сууланабын эн сылааскар, Куттаныма туохтан даҕаны эн соҕотох буолбатаххын, Бааллар дурда-хахха буолар эн икки бухатыырдарын, Биһигини көрөр-истэр тыыннаах Аанньалбыт эбиккин, Күүспэр күүс эбэҕин санаам сиппэтэҕин ситэрэҥҥин, Киһи сиэринэн эйэ дэмнээхтик олоруохха олохпутун, Ытыспытыгар тута сылдьыахха соһуччу булбут дьолбутун, Махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын Үрдүк Айыыларбар, Мин күндү дьоллорум мин аттыбар баалларыгар!!! Ыал буолбуппут түөрт сыла буолбутунан итии-истиҥник эҕэрдэлиибин ЧЫЫЧААХ! Эйиэхэ эрэ аныыбын бастыҥ хоһооннорбун, сүрэхпиттэн тахсар көмүс тылларбын! Таптыыбын, сыллыыбын!!! (С.В.) Василий Софронов Как хочется сказать: «Я тебя люблю». Вложить в эти слова весь трепет души, всю теплоту сердца и все мысли о тебе… Как долго я искала любовь в чужих глазах, в чужих сердцах и в чужих именах. Ты знаешь, я давно перестала надеяться на счастливый конец своей жизни и совсем позабыла о мечтах. Ты мое озарение – светлое и возвышенное. Ты мое откровение – искреннее и трепетное. Ты мое вдохновение – всеобъемлющее и всепоглощающее. С каждым дыханием я все больше понимаю, что все пути и дороги ведут к тебе одному. Сотый раз говорю себе, что это не любовь, а просто так. И никак не могу заставить сердце позабыть. Любви все возрасты покорны. Я ведь что-то похожее уже испытывала в жизни. Оказалось, что чувства, как «мимолетное видение», приходят и уходят, и, как снежинки и слезинки, улетают и тают. Но почему-то сейчас мне кажется, что не я переживу чувства, а они меня… Связь между мирами И такими разными Меж нами – Соединений суть, Указывающий путь, Связующая жизни, Невидимые нити. Меж нами – Проросший сквозь асфальт Первый наш росток, Дарующий жизни жизнь Бесконечный наш поток. Я тебя люблю. Наталья И.