Дьааҥыга тимир уустар үлэлэрин сөргүтэллэр
Дьааҥытааҕы элбэх хайысхаҕа үөрэтэр лицей дириэктэрэ Римма Дмитриевна Никифорова ыҥырыытынан, оройуоммут сайдарыгар бэрт туһалаах ыалдьыт кэллэ. Онон Уус Алдан улууһун Танда бөһүөлэгиттэн төрүттээх «ЮНЕСКО» АБ худуоһунньуктарын чилиэнин, Арассыыйатааҕы уустар ассоциацияларын сойууһун чилиэнин, СӨ норуот маастара, СӨ култуура туйгуна, аан дойдутааҕы кылаастаах хомус маастара Роман Ильич Готовцевы – Мындыр Ууһу кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр үрдүк чиэскэ тигистибит. Мин Роман Ильиһи кытта ирэ-хоро сэһэргэстим. — Роман Ильич, хаһааҥҥыттан уус идэтигэр үөрэммиккиний? Ким уһуйбутай? Мындыр Уус ааты хайдах талбыккыный?, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыбын. — «Сардаана» фабрикаҕа сэттэ сыл үлэлээбитим, онтон «Кудай Бахсыга». Ол кэннэ министиэристибэҕэ ылаллар. 1986-87 сс «Сардаана» фабрикаҕа үлэлии сырыттахпына, Я.К.Прокопьевка элбэх хомуһу оҥоруохха диэннэр, сыһыаннаах диэн, миигин сыахтан ыҥыран ыллаллар. Үс киһини анаабыттарыттан миигин талбыта. Ол курдук, кини үөрэтэн, хомус оҥорор буолбутум. «Мындыр Уус» диэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит маҥнайгы Бэрэсидьиэнэ биэрбит аата. Ону Мандар Ууһу кытары бииргэ сырыттахпытына, «Мындыр, Мандар» диэн дьиибэлээн күлэллэр. — Олоҥхо Ыһыаҕар уустары түмэн уһаммыт этигит дии. — Ф.В.Шишигина салалтатыгар киирэммин, бу Дьааҥыга буолан ааспыт Олоҥхо Ыһыаҕар Римма Дмитриевнаны кытта «Уус түһүлгэтин» салайан ыыппыппыт. Мин саха сирин уустарын Сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буоларым быһыытынан, ыһыахха сүүрэн-көтөн сүүрбэ икки ууһу аҕалбытым. Олор манна «Тымныы полюһа» түмэлгэ батыйа, быһах уо.д.а. ким тугу кыайарынан уһаммыттара. Ол барыта бэлэх быһыытынан хаалларыллыбыта. Биһиги ыһыах кэмигэр оноһуллубуту сыл аайы маннык бэлэхтиир идэлээхпит. Онон бу Дьааҥыга уустар суоллара хаалбыта диэн бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Олохтоох дьон сөбүлээбиттэрэ, үөрэ көрсүбүттэрэ. Дьон-сэргэ уустар маннык уһаналлара, кыстык тыаһыыра сэргэхситэрин эппиттэрэ, үтүө тылларын анаабыттара. — Оттон бу сырыыга кэлбит сыалыҥ? — Сайын кэлэ сылдьан уус кыһата баарын көрбүтүм. Ону сайыннаран таһаарыахха диэн Римма Дмитриевна этии киллэрбитэ. Мин ону ылынан, өйүү таарыйа уонна үлэбит кэҥиирин туһугар итиэннэ эдэр ыччаты тимир үлэтигэр чугаһатар сыаллаах-соруктаах кэлэн олоробун. Аан маҥнай уһуйааччылары үөрэтиэххэ наада, онтон инники кэскилбитин — устудьуоннары. Билигин кыһаҕа туох итэҕэһин-быһаҕаһын көрөммүн, кинилэргэ ыйан-кэрдэн биэриэм. Онон 20 сыл курдук таах турбут кыһа билигин үлэтин саҕалыахтаах. Онон кэлэр өттүгэр саха үгэһэ хаалбатын туһугар бу кыһамньыбытын уура сатыыбыт. Манна олорон ааспыт төрүт олохтоох уустар баар буоллахтара, олор кыһаларын сөргүтэн таүааран, дьон уүанарын курдук гына оҥоруохпутун баҕарабыт. Устудьуоннар бары да уус буолан тахсыбатахтарын иһин, сорохтор инженер, о.д.а. араас идэни талыахтара турдаҕа. — Бу иннинэ эһиги кииҥҥитигэр биһиги лицейбититтэн учууталлар үөрэммиттэрэ дуо? — Бу күһүн лицей учуутала Алексей Васильевич Слепцов биһиги ресурснай кииммитигэр үөрэххэ киирбитэ. Кини мин устудьуонум, мантан саас тиийэн өссө эбии үөрэниэҕэ. Былырыын тиийэ сылдьан уһаныы төрдүн барытын үөрэппитэ. Аны хомус оҥорорго уһуйуллуохтаах. Мантан сиэттэрэн эттэхпинэ, Дьааҥытааҕы лицейгэ «Художественное изделие из металла» үөрэҕи арыйа сатыыбыт. — Үөрэнээччилэргититтэн туспа ааттаах-суоллаах уустар үүнэн таҕыстылар дуу? — Хас сыл аайы уон биэстии киһини иитэн таһаарабын. Хомус, быһах оҥорорго уһуйабын. Учууталлар уонна да атын идэлээх дьон кэлэллэр. Сэттис сылбын үлэлии-хамныы сылдьабын. Үөрэнээччилэрим — Василий Уваров (Сунтаар), Феликс Комиссаров (Мэҥэ Алдан), Эдик Тарабукин (Таатта) өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр уустар. — Оҥоһуктарын туох матырыйаалтан оҥороллоруй? — Быһах угун, биитин, тимирин оҥоруу улуус аайы тус туһунан. Быһах уга удьурҕайтан оҥоһуллар. Ол манна отой суох быһыылаах. Дьокуускайтан сакаастаан атыылаһыахтарын сөп. Онон оҥорор ордук, сыаната арааһынай. Тимири хатарыы барыта тус-туһунан. Углеродтара туһунан, хатарыыта, төнүннэриитэ да атыннаах. Тимир аһары кытааттаҕына, тосто сылдьар буолар. Кыратык сымнатан биэрии — ол аата төнүннэрии диэн. Ону таба туталларын үөрэнээччилэрбэр өйдөтө сатыыбын. Туох матырыйаал баарыттан, туох сөп түбэһэриттэн уһаныахха сөп. Холобур, эһиэхэ хортуоска олордор улахан элбэх бааһынаҕыт суох. Киин оройуоннарга бааһына бөҕөлөөхтөр. Инньэ гынан кинилэр сири көбүтэр күрдьэхтээхтэр. Ол тимир сүрдээх элбэх углеродтаах, кинилэр онтон оҥороллор. Манна кэлэрбэр толкуй бөҕөҕө түспүтүм. Онтон эһиэхэ баар матырыйаалтан, ити иномарка массыына пружинатыттан оҥоруохха сөбүн өйдөөн, онон үөрэтэн көрүөм. — Атыыга туох оҥоһуктары аҕаллыҥ? — Үс хомус уонна быһах аҕаллым. Быһахтарым барыта арааһынайдар: дьэбиннирэр, дьэбиннирбэт тимиртэн оҥоһуллубуттар. Нержавейка диэн металлара барыта тус туһунаннар. Сыаната онно эппиэттиир. Манна даҕатан эттэхпинэ, быһах үс, түөрт, биэс күнүнэн бүтэн бэлэм буолар. Оттон хомус түөрт-биэс күнүнэн бэлэм буолар. — Инникитин туох былааннааххын? — Быйыл Бүлүүгэ буолар ыһыахха бэлэмнии үлэ бара турар. Онно уустарбын түмэн, бары бииргэ барыахпыт. Аны үлэбит элбээн иһэр. Холобур, быйылгы ыһыахха ох саа наада диэтилэр. Итинтэн сиэттэрэн бэйэм тус баҕа санаам, «Боотурдар оонньууларыгар» кыттааччылар бары бухатыыр таҥастаах сылдьаллара буоллар диэн. Дьааҥы улууһугар тустаан эттэхпинэ, үлэ учууталларыгар үрдэтэр куурустары былаанныыбыт. Толкуйдаан көрдөххө, уон биэс киһини куоракка ыытан үөрэттэрэрдээҕэр, биир киһи айанын суолун төлөөн манна миэстэтигэр аҕалан дьону, ыччаты үөрэттэрэр ордук буолуо этэ. — Роман Ильич, кэпсээниҥ иһин махтал!