Эдьигээннэр бырамыысыланнаска үлэлиир эр хоһууннары кытта көрүстүлэр

Соторутааҕыта Эдьигээн оройуонун уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтарын бөлөҕө Үөһээ Молодо бириискэтигэр ыалдьыттаан, кэнсиэр көрдөрөн кэллилэр. Бу бириискэҕэ алмаас хостооһунугар 300 киһи икки сменанан күнү эргиччи тохтоло суох тигинэччи үлэлиир-хамсыыр. Сарсыарда аҕыстан киэһэ аҕыска диэри бастакы смена, онтон салгыы сарсыарда аҕыска диэри иккис смена атастаһа сылдьан үлэлииллэр. Промышленность дьиҥнээх хоһуун киһи тулуйан сылдьар үлэтэ буоларын туһунан эр дьон этэллэр. Күүстээх үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо астарыттан-үөллэриттэн саҕалаан сөптөөх усулуобуйа барыта тэриллибит. Олорор дьиэлэрэ-уоттара, остолобуой, эти-хааны эрчийэр тренажернай саала, баанньык, кулууп дьиэтэ. Ньиргийэн бэйэтэ туспа бөһүөлэк. Арай, атына диэн, манна үлэ-хамнас тохтоло суох түүннэри-күнүстэри өрө оргуйан олорор. Манна үлэлии сылдьар эр хоһууннар үлэлэриттэн бүтүн Россия үбэ-харчыта эмиэ быһаарыллар. Онон сыраны-сылбаны эрэйэр үлэ. Тиийбит күммүтүгэр киэһэ тоҕус чаастан кэнсиэрбитин саҕалаатыбыт. Салгыы доҕордоһуу киэһэтин тэрийдибит. Үөрүү-көтүү, үҥкүү-битии бөҕөтө буолан, дьоммут сүрдээҕин астынныбыт, сэргэхсийдибит дииллэр. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда тоҕустан иккис сменаттан үлэлээн кэлбит дьоҥҥо анаан кэнсиэртээтибит. Атын учаастакка, бэйэлэр этэллэринэн проходкаҕа, үлэлии сылдьар дьоннорун массыынанан тиэйэн аҕалан кэнсиэр көрдөрдүлэр. Манна саха ыччата элбэҕин көрөн киһи үөрэр. Олохтоох дьоммут сирбит баайын бэйэлэрин илиилэринэн хостоон үлэлии-хамсыы сылдьаллара саныырга да астык. Эдьигээнтэн биир дойдулаахтарбыт Михаил Шадрин, Василий Шадрин, Афанасий Федотов, Афанасий Иванов, Максим Исаенко, Самуил Чупров уо.д.а. бааллар. Бу сылдьан уолаттары көрсөн кэпсэттим. Ким Адушинов, повар, Амма: — Кэнсиэр олус үчүгэй. Сэргэх нүөмэрдэр бааллар. Үлэ дьонугар маннык тэрээһиннэр буолаллара бэрт. Үлэм туһунан этэр буоллахха, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо иҥэмтиэлээх, минньигэс аһы-үөлү бэлэмниэххэ наада. Онон бу биһиэхэ, асчыттарга, улахан эппиэтинэс. Владимир Федулов, повар, Өлүөхүмэ: — Бу курдук кэлэн кэнсиэр көрдөрө, тэрээһиннэри тэрийэн ыыта тураргытыгар баҕарабын. Бэркэ сынньанныбыт. Манна даҕатан эттэхпинэ, биһиги, аһы-үөлү астааччылар үлэбит сүрүн уратыта диэн, суукканы эргиччи тохтоло суох бара турар. Тотоойу, амтаннаах аһынан үлэһиттэри хааччыйар туһуттан туох баар болҕомтобутун уурабыт. Афанасий Федотов, повар, Эдьигээн: — Биир дойлулаахтарбын көрөн олус үөрдүм. Биир халыыптаах, кытаанах режимнээх үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо бэртээхэй кэнсиэр буолла. Афанасий Максимов, машинист-бульдозерист, Бэс Күөл, Горнай: — Бэһис сылбын үлэлиибин. Урут наар кэнсиэр тиийбэт сиригэр үлэлии сылдьар буоламмын, маннык тэрээһиннэргэ сылдьыбат этим. Бу сырыыга дьэ сырыттым. Астынным, сэргэхсийдим. Манна үлэлииргэ усулуобуйа барыта баар, үчүгэй. Онон саха ыччатын промышленностан куттаммакка кэлэн үлэлээҥ диэн ыҥырабын. Роман Тимофеев, проходка повара, Дьокуускай: — Кыргыттары көрөммүт бары да харахпыт сымнаата. Маннык кэлэн бараргыт, сэргэхситэргит үчүгэй. Онон кэнсиэртиир бөлөххө махтанабыт. Үөһээ Молодоҕо араас идэлээх дьон түмсэн үлэлии сылдьаллар эбит. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕиттэн сылдьар Анатолий Емельянов Улан Удэҕэ култуура институтун бүтэрбит, идэтинэн баянист. Аллараа Бэстээххэ музыка оскуолатыгар директордаабыт, Бүлүүтээҕи педучилищеҕа музыка преподавателынан үлэлээбит. «Анаабыр алмаастарыгар» 16-с сылын араас үлэҕэ миккиллибит, култуура боппуруостарыгар тэрийээччинэн, поварынан, билигин баанньык оттооччунан сылдьарын кэпсиир. Манна культрунай, спортивнай тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытыллалларын этэллэр. Ол курдук, төрөөбүт Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт тыл оонньуутун, спорка күрэхтэһиилэр, бильярд түмүгүнэн кыайыылаахтары чиэстээтилэр. Кинилэргэ Дьокуускайга баар миэбэл салонуттан атыылаһарга үс, биэс тыһыынчалаах сертификаттары туттардылар. *** Киэҥ тайҕабыт үрдүнэн вертолетунан көтөн иһэн кыыл таба элбэҕин, бэл, бөрөлөрү көрдүбүт. Кыыл табалары алта үөр бөрө сырсан иһэрин түбэһэ көрөн улаханнык чаҕыйдыбыт, долгуйдубут. Онуоха летчиктар адьырҕалары үүрээри алларанан түһэн көттүлэр. Дьэ онно эрэ ардай аһыылаахтар үрүө-тараа ыһґылыннылар. Биир улахан бөрө албастанан хаар анныгар кытта саһа сатаата. *** Бу курдук тыа сирин ыччата ураты айылҕаны көрөн, ыраах үлэлии сылдьар дьону-сэргэни көрсөн сэһэргэһэн, астынан кэллибит. Билигин үлэбитин өссө сайыннарарга араас сонун бырайыактары толкуйдуубут. Үөһээ Молодоҕо баран кэнсиэртээн кэлэрбитигэр көмөлөспүт, өйөөбүт бириискэ начальнигар Павел Седалищевка, бириискэ культурнай боппуруостарын тэрийээччитигэр Мичил Ивановка, «Аллараа Өлүөнэтээҕи» АУо генеральнай директорыгар, Ил Түмэн депутатыгар Иван Андреевка, вертолет летчиктарыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. 1 из 5

Эдьигээннэр бырамыысыланнаска үлэлиир эр хоһууннары кытта көрүстүлэр
© ЯСИА.RU