Бүлүүгэ эр дьон учууталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ буолла

Урукку кэмҥэ учуутал идэтигэр ордук эр дьон үлэлииллэрэ биллэр. Ол курдук Я.А. Коменскай, К.Д. Ушинскай, А.С. Макаренко курдук аатырбыт педагогтар ааттара, кинилэр үөрэхтээһин салаатыгар киллэрбит сүҥкэн кылааттара, оҕону иитиигэ анаабыт чаҕылхай олохторо билигин даҕаны саҥаттан саҥа көлүөнэ учууталларга холобур буола турар. Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр “Учуутал – эр киһи идэтэ” диэн бастакы республикатааҕы күрэх ону дакаастаата. Саха норуотуттан тахсыбыт талааннаах педагогтар М.А. Алексеев, В.Ф. Афанасьев-Алданскай, К.С. Чиряев быйыл үбүлүөйдээх сыллара бэлиэтэнэр. Ол курдук ыам ыйын 5 күнүгэр биһиги биир дойдулаахпыт, Саха АССР, РСФСР үтүөлээх учуутала, ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна, ССРС народнай учуутала М.А. Алексеев төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Манна анаммыт үгүс тэрээһиннэр республика үрдүнэн тиһиктээхтик ыытылла тураллар. Олунньу 24 күнүгэр Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр “Учуутал – эр киһи идэтэ” диэн бастакы республикатааҕы күрэх ыытылынна. Манна Бүлүү куоратын, нэһилиэктэрин оскуолаларыттан, ыаллыы сытар Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Кэбээйи улуустарыттан, Амматтан, Дьокуускай куораттан барыта 18 кыттааччы кэлэн билиилэрин, дьоҕурдарын, сатабылларын тургутустулар. Күрэх үөрүүлээх аһыллыытыгар Социалистическай Үлэ Геройа П.И. Быканов аатынан Халбаакы орто оскуолатын директора Г.В. Иннокентьев, “Халбаакы нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга А.И. Васильев, Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын начальнига М.Н. Куличкина, СР үөрэҕин уонна наукатын министерствотын кадры уонна быраабы кытта үлэлиир отделын сүрүннүүр специалиһа А.М. Родионова, Өктөмнөөҕү лицей физикаҕа учуутала А.А. Семенов эҕэрдэ тылын этэн туран, кыттааччыларга ситиһиилэри баҕардылар. Учуутал сүрүн үлэтэ – уруок ыытыы, оҕо болҕомтотун тардыы, билиини иҥэрии. Күрэх кыттыылаахтара аһаҕас уруоктарга кылгас кэм иһигэр ити соруктары толорорго холоннулар. Бары даҕаны олус интэриэһинэй, баай ис хоһоонноох, иитэр-үөрэтэр суолталаах, аныгылыы ирдэбилгэ толору эппиэттиир уруоктары ыыттылар, оҕо дьоҕурун сайыннарыыга аныгы технологиялары туһаныы билиҥҥи кэм биир сүрүн ирдэбилинэн буоларын көрдөрдүлэр . Салгыы кыттааччылар олус кэрэхсэбиллээх маастар-кылаастары ыытан, талан ылбыт идэлэригэр сатабылларын, үөрүйэхтэрин көрдөрдүлэр, ньымаларын кэпсээтилэр. Күрэх иккис түһүмэҕэ “Тускул” культура киинигэр ыытылынна. Манна кыттааччылар ситиһиилэрин, дьоҕурдарын, талааннарын бэйэлэрин тустарынан презентация оҥорон уус-ураннык билиһиннэрдилэр, утары бэриллэр ыйытыыларга эппиэттээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар кэмигэр кыттааччылар, мустубут ыалдьыттар уол оҕону кыра сааһыттан эр киһи быһыытынан иитиигэ уонна учуутал идэтин таларыгар ыытыллар араас үлэлэргэ бэйэлэрин уопуттарын аһаҕастык кэпсээтилэр, көрүүлэрин, санааларын этиннилэр. Кэпсэтиини Халбаакы орто оскуолатын выпускнига, улуустааҕы “Олох суола” хаһыат кылаабынай редактора В.Н. Мандаров иилээн-саҕалаан ыытта. 1 из 20 Итинник тургутуулары эрэллээхтик ааһан эдэр учууталлар идэлэрин сөпкө талан, үлэлии-хамныы, айа-тута сылдьалларын итэҕэттилэр. Ол курдук дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастыҥнар ааттара ааттанна: I степеннээх лауреат – Николай Петрович Софронов, И.Л. Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназия математикаҕа учуутала, II степеннээх лауреат – Мирослав Николаевич Иванов, Ньурба улууһун Өҥөлдьө орто оскуолатын технологияҕа учуутала, III степеннээх лауреат Николай Михайлович Игнатьев, Дьокуускай куорат 21 №-дээх оскуолатын английскай тыл учуутала уонна муҥутуур кыайыылааҕынан Г.С. Донской аатынан Бүлүүтээҕи 2№-дээх оскуола информатикаҕа учуутала Александр Иннокентьевич Колтовской буолла. Маны таһынан, анал номинациялар туттарылыннылар, ол курдук “Сформированность” анал аатынан Андрей Андреевич Федоров (Тыайа орто оскуолатын физикаҕа учуутала, Кэбээйи), “Креатив, интеллект, талант” — Дьулус Пантелеймонович Петров (П.И. Караканов аатынан Мээндигэ орто оскуолата информатикаҕа учуутала, Амма), “Учитель-эрудит” – Леонид Николаевич Огочонов (М.Т. Егоров аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с №-дээх орто оскуола английскай тыл учуутала), “Творческий подход, профессионализм” – Юрий Юрьевич Тюляхов (Н.Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын кыра кылаастары үөрэтэр учуутал, Ньурба) бэлиэтэннилэр. Оттон Быкановтар дьиэ кэргэннэрин уонна аймахтарын аатыттан Социалистическай Үлэ Геройа П.И. Быканов аатынан анал стипендия Халбаакы орто оскуолатын технологияҕа учууталыгар Василий Иосифович Лыткиҥҥа туттарылынна. Ити курдук “Учуутал – эр киһи идэтэ” диэн бастакы республикатааҕы күрэх өрө көтөҕүллүүлээхтик, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Кыттааччылар учуутал идэтин өрө туппут эр дьон педагогтар бүгүҥҥү оскуолаҕа олус наадалаахтарын, тулхадыйбат тутаах дьон буолалларын өссө төгүл дакаастаатылар. Бу күрэх үтүө үгэскэ кубулуйан, сыл аайы кэнчээри ыччаты иитэр-үөрэтэр, кэрэҕэ сирдиир эр дьон педагогтары өссө да түмэ туруо, Социалистическай Үлэ Геройа П.И. Быканов аатынан Халбаакы орто оскуолатын күөн туттар ураты тэрээһинэ буолуо этэ диэн тэрийээччилэр эрэллээхтэр.

Бүлүүгэ эр дьон учууталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ буолла
© ЯСИА.RU