Алексей Бродников төрөөбүтэ 100 сылын литературнай музейга бэлиэтээтилэр
Буойун-суруйааччы, лирик-поэт, прозаик Алексей Спиридонович Бродников төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан П.А. Ойуунуска аатынан литературнай музейга истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан норуодунай суруйааччы, быйылгы дьылга “Айылгы туоналаах суруйааччы тэлбит суола” кинигэ бэлэхтээх көрсүбүт, Сэмэн Попов-Тумат киэҥ хорутуулаах иһитиннэрии оҥордо. Бу киэһэни 2 №-дээх оскуола эдэр учууталлара, үөрэнээччилэрэ, оҕо дыбарыаһыттан “Тыыннаах тыл” хоһоонньуттар бөлөхтөрө киэргэттилэр, Владимир Татаринов “Саҥа хаар” аатырбыт-сураҕырбыт ырыатын иһиттибит. Соһуччу бэлэҕинэн Сэмэн Тумат хоһоонугар “Өлөксөй бэйээт байаана” ырыа сүрэхтэниитэ буолла. Бу хоһоон тылларын Станислав Луковцев баяҥҥа доҕуһуолунан Уус Алдантан Михаил Конников өрө көтөҕүллүүлээхтик ыллаан барыбытын үөртүлэр. Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэллэрэ, норуодунай поэттар Наталья Харлампьева, Иван Мигалкин истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар. Алексей Бродников олоҕун кэрэһилиир хаартысканан көстүүлэри бары көрөн, урукку аҕа саастаах суруйааччылардыын алтыһыыларын ахтан-санаан аастыбыт. Норуодунай суруйааччы Николай Лугинов А.С.Бродников туһунан истиҥник аҕынна. “Олус элбэх киһини көрсүбэккэ, кэпсэппэккэ киһи куоттаран кэбиһэр. Ол эрэн хайдах эрэ бу киэһэ үҥкүүлээбит оҕолорго ити дьоммут сырдык сэбэрэлэрэ, сырдык санаалара көстөн кэлэргэ дылы, онон “сүппүт көстөн кэлэр, умнуллубут уһуктан кэлэр”, — диэн иэйиилээхтик эбэн эттэ. 1 из 2 Поэт, прозаик, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, учуутал А.С.Бродников тылларыгар өссө да ырыалар ылланнылар, тыл-өс да этилиннэ. Онон суруйааччы нарын, иэйиилээх хоһооно, ырыата-тойуга дьон-норут сүрэҕэр куорсуннаах соноҕос буолан сыалларын сыыспакка сыыйылла турдуннар.