Нам улууһугар СӨ булгуччулаах медицинскэй страховка территориальнай пуонда үлэтин билиһиннэрдэ

«ОМС идет навстречу» акция чэрчитинэн СӨ булгуччулаах медицинскэй страховкаҕа территориальнай пуонда дириэктэрин солбуйааччы Борис Борисов, «Сахамедстрах» СМК АТ генеральнай дириэктэрэ Галина Варфаломеева уонна «РГС – Медицина «Росгосстрах – Саха (Якутия) — Медицина» ХЭТ филиалын дириэктэрэ Александра Андреева Нам улууһугар үлэлээн бардылар. Бэрэстэбиитэллэр нэһилиэнньэни уонна нэһилиэктэр баһылыктарын, тэрилтэлэр салайааччыларын кытта көрсөн диспансеризация туһунан, страховкалаах киһи быраабын кэпсээтилэр, үлэлэрин сырдаттылар. «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов улууһу кытта бииргэ үлэлэһэллэрин бэлиэтээн туран махтал суруктары туттартаата. Борис Борисов, СӨ булгуччулаах медицинскэй страховкаҕа территориальнай пуондатын дириэктэрин солбуйааччы: “2017 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр булгуччулаах медицинскэй страховкаҕа территориальнай бырагырааманан үлэлиир 118 юридическэй сирэйдээх медицинэ тэрилтэтэ баар. Онтон Нам улууһугар 22 структурнай подразделениялаах «Намнааҕы оройуон балыыһата» үлэлиир. Улуус киинигэр поликлиника, түбүркүлүөһү утары диспансер, нэһилиэктэргэ учаастактааҕы биэс балыыһа, 4 врачебнай амбулатория, 11 фельдерскай-акушерскай пуун үлэлииллэр. 2016 сыл түмүгүнэн Нам улууһугар диспансеризацияны 1-кы этапка 1 853 киһи (былаан – 2 032 киһи, 91,2%), 2-с этапка 456 (былаан – 606 киһи, 75,2%) барбыта бэлиэтэнэр. Онтон 2017 сылга 1-кы этапка 2 032, 2-с этапка 406 киһини көрүөхтээхтэр. Билиҥҥи туругунан 1-кы этапка 205 киһи көрдөрүннэ, ол эбэтэр 10% тэҥнэстэ», — диэн кэпсээтэ. 1 из 6

Нам улууһугар СӨ булгуччулаах медицинскэй страховка территориальнай пуонда үлэтин билиһиннэрдэ
© ЯСИА.RU