Булуҥҥа – Булчут күнэ

Булчут күнүн чэрчитинэн, өбүгэлэрбит үгэстэрин сөргүтэн, биир ый устатыгар араас таһымнаах тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыттара олус кэрэхсэбиллээх. Тиксиигэ буухтаҕа “Булчуттар оонньуулара” диэн күрэхтэһии олус сэргэхтик ыытылынна. Барыта биэс хамаанда күөн көрүстэ. “Хотой” диэн ааттаах хамаанда уолаттара оонньуу үгүс көрүҥнэригэр иннилэрин кимиэхэ да биэрбэккэ бастыыр өрөгөйүн биллилэр. Иккис миэстэни Тиксии-3 байыаннай чаас хамаандата ылла. Үһүс бириистээх миэстэҕэ “Северные волки” хамаанда таҕыста. Бу да сырыыга ойбон алларыытын уонна быйыл саҥа киирбит “Хомуур хапсаҕайы” кыттааччылар да, көрөөччүлэр да улаханнык биһирээтилэр, астыннылар. Ойбон алларыытыгар былырыын саамай үчүгэй бириэмэни көрдөрбүт байыаннай чаас уолаттара быйылгы да инники күөҥҥэ таҕыстылар. Онтон дьон долгуйа кэтэспит “Хомуур хапсаҕайа” бүтэһик түһүмэҕинэн буолла. Манна хамаандалар бары туох баар күүстэрин-уохтарын ууран туран кииристилэр. Көрөөччүлэр күөмэйдэрэ бүтүөр диэри ыһыытастылар-хаһыытастылар. Оннук ньиргитэн олорор ыалдьааччылардаах түһүлгэҕэ уолаттар үчүгэй бырахсыылары, албастары көрдөрдүлэр, эрбии тииһин курдук бары да эгил-тэгил кииристилэр, тириттилэр-хоруттулар. Дьэ, ити курдук абытайдаах эриһиилээх киирсии түмүгүнэн “Хотой” хамаанда кыайыылааҕынан таҕыста. Булуҥҥа «Булчуттар оонньууларын» аан бастакынан көҕүлээбит, тэрийбит Иван Моисеенко бу да сырыыга оонньууну бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытта. “Күрэскэ булчуттарга сыһыана суох көрүҥнэри киллэрбиккит” диэн итэҕэстэри ыйааччыларга кини маннык хоруйдаата. —Булка сылдьан араас быһыыга-майгыга түбэһии элбэх буоллаҕа. Онон бу күрэскэ булчуттар олохторугар туһалаах буоллун диэн араас көрүҥнэри киллэрбиппит. Тэрээһин да аатыгар ол этиллэ сылдьар. Аны туран, атын оройуоннарга, өрөспүүбүлүкэҕэ бу бэлиэ күҥҥэ анаан тэрээһин бөҕө ыытыллар. Биһиги онтон туора туруо суохтаахпыт диэн, улууспутугар “Булчуттар оонньууларын” тэрийбиппит. Бастаан “Арктика Майааҕа” хаһыаты кытта 2012 сыллаахха тэҥҥэ үлэлэһэн, булчуттар хаартыскаларын хаһыакка бэчээттээбиппит. Булчуттарга аналлаах тэрээһиннэр мантан саҕаламмыттара. 2013 сыллаахха булчуттарбытыгар анаан күрэхтэһиини ыыппыппыт. Манна баҕалаах уонна булт билиэттээх дьон кэлэн кыттыбыттара. 2014 сылтан “Булчуттар оонньуулара” Булуҥҥа, дьэ, дьиҥнээхтик олоҕурбута. Тэрийэн саҕалыырбытыгар, ханна да буоларын курдук, ыарахаттары үп өттүгэр көрсүбүппүт. Ол да буоллар, күн бүгүҥҥэ диэри “Булуҥнааҕы”, “Приморскайдааҕы”, “Таймылыырдааҕы”, “Бороҕоннооҕу” МУТ, “Айхал” Тиксиитээҕи этно-култуура киинэ, култуура-спорт комплекса көмөлөһөр буоланнар, оонньуу үгэс быһыытынан сылын аайы ыытыллар. Быйыл бу төрдүс төгүлүн тэрийдибит, — диэн кэпсээтэ. Кини кэнники кэмҥэ, бу тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бэйэлэрэ тэрийээччи курдук буолан эрэллэрин хайгыыр. Ол курдук, КСК тренерскэй састааба куруук көмөлөһөр, куоталаһыы көрүҥнэригэр туттар малларынан хааччыйар. Онтон “Айхал” үлэһиттэрэ күрэхтэһии тэрээһинигэр анаан дьиэлэрин туран биэрэллэр. Маны сэргэ, улуус киэн туттар булчуттара күрэхтэһиини наһаа кэтэһэллэрин биллэрэр буолбуттар. Кинилэр кэлэн анаан-минээн көрөллөрө, хамаандаларга ыалдьаллара улахан өйөбүл буоларын бэлиэтиир. Онтон эдэр ыччат бэйэтин баҕа өттүнэн оонньууга кыттара үксээн иһэрэ барыларын да улаханнык үөрдэрин этэр. Итинтэн да көстөрүнэн, күрэхтэһиигэ кыттааччы, бу тэрээһини сэргээччи элбээн иһэрэ мээнэҕэ буолбатаҕын туоһулуур. Булуҥ булчуттар, балыксыттар дойдулара Айылҕа харыстабылын инспекцията иһитиннэрбитинэн, Булуҥ улууһун үрдүнэн быһа холуйан 1000-ан тахса булчут баар. Биллэрин курдук, улуус тыа хаһаайыстыбатынан, таба иитиитинэн дьарыктанар. Хомойуох иһин, улахан хоромньуну ыстаадаларга адьырҕалар оҥороллор. Биир бөрө сылга 100-эн тахса табаны тардыан сөп. Онуоха бу адьырҕа оҕолорун үөрэтээри, биир күҥҥэ уонтан тахсалыы табаны охторуон сөп диэн улуус тыатын хаһаайыстыбатын зоотехнига Константин Слепцов этэр. Санаан көрүҥ, бу ардай аһыылаах тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар содулун! Түөрт сыл анараа өттүгэр, улуус үрдүнэн биир сыл иһигэр бөрө 1800 табаны тардыбыт. Онтон кэнники үс сылтан бэттэх, сылын аайы 700 курдук таба суох буолара чуолкайдаммыт. Хаһаайыстыбалар бэйэлэрин күүстэринэн бөрөнү бултаан, ахсаанын сүрдээҕин аччаппыттар. Исписэлиис этэринэн, Сэбиэскэй былаас саҕана таба турар сиригэр тыатааҕы уонна бөрө олох чугаһынан суох буолуохтаах диэн ирдэбил баар эбит. Онно анаан анал ньыма баар эбит. Ол билигин тутуһуллубат буолан, 2010 сыллаахха адьырҕа кыыл ахсаана өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эмискэ аһара улааппыт. Биллэн турар, бөрөнү сууһарарга араас дьаһал ылыллар. Манна булчуттар көмөлөрө улахан оруоллаах. Кинилэр тиһиктээхтик бултаһар буоланнар адьырҕаны аһара мэнээктэппэттэр. Маныаха улууспут хас биирдии нэһилиэгэ улахан булчуттардааҕар махтаныах кэриҥнээхпит. Холобур, Хара Уулаах олохтоох булчута Ярослав Захаров аҥардас бу сыл тохсунньу ый түмүгүнэн түөрт бөрөнү сууһарбыт. Былырыын сыл түмүгүнэн кини “Ямаха” снегоходунан наҕараадаламмыта. Эмиэ былырыын Бороҕон нэһилиэгин олохтооҕо Сергей Стручков үчүгэй булчут буолан, дьокутаат Иван Андреевтан “Волчатник” диэн бирииһи туппута, “Буран” снегоходунан наҕараадаламмыта. Кини бултаабытын тухары 280-тан тахса бөрөнү сууһарбыт. 2013 сыллаахха “Булчуттар күннэригэр” Күһүүртэн орто саастаах булчуттарга киирсэр Дьулустаан Никитин бөрөнү бултааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэни ылбыта, Ил Дархантан бириэмийэлэммитэ. Дьокутаан Иван Андреев былырыын кэлэ сылдьан: “Ярослав Захаров, Дьулустаан Никитин уонна Сергей Стручков курдук өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, киэҥ туттар булчуттардаахпытын куруук өрө тута сылдьыахтаахпыт. Күһүүргэ Григорий Степанов диэн “Байанай” ТХПК булчута кыыл табалаан, Күһүүр нэһилиэгин оҕо саадын, оскуолатын хааччыйар. Бу улахан сыралаах үлэ түмүгэ. Хайҕаныан эрэ наада. Улууска кинилэри сэргэ элбэх үчүгэй булчут баар. Кинилэри хайаан да өйүөхтээхпит, онно төһүү күүһүнэн “Булчут оонньуулара” буолуохтаахтар”, – диэн бэлиэтээбитэ. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар “Булчуттар оонньууларыгар” биһиги улуустан ким да кыттыыны ыла илик. Кэлэр сылларга былааннар, толкуйдар бааллар. Ол, оонньуу улууска киэҥ биһирэбили ылбытын кэннэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс балаһыанньатынан ыытыллыаҕын, онтон көрөн анаан үчүгэй, бигэ тирэхтээх хамаанда бэлэмнээн, киэҥ араҥаҕа тахсыахтарын баҕаралларын тэрийээччилэр этэллэр. Ыра санаа олоххо киирэригэр нэһилиэк дьаһалталарыттан саҕалаан улус дьаһалтатыгар тиийэ көмө-өйөбүл буолалларыгар эрэнэллэрин биллэрэллэр. Хара-Уулаах нэһилиэгин булчута Ярослав Захаров: – Улууспутугар “Булчуттар оонньуулара” баар буолбута хайҕаллаах. Кыһыҥҥы кэм кэнниттэн, тэрээһиҥҥэ дьон тоҕуоруһа мустара, көрсөн кэпсэтэрэ, уопут атастаһара туох куһаҕаннаах буолуоҕай. Мин бэйэбин өйдүөхпүттэн булка сылдьабын. Маҥнайгы саам туоһапка этэ. Аҕам, эһэм, өбүгэлэрим бары булчут дьон. Онон кинилэр суолларын салгыы сылдьабын. Улахан булка тахсарбын туохтааҕар да ордоробун. Тиксии бөһүөлэгэр баар булчуттарга этиэм этэ, адьырҕа кыыл (бөрө) суолун көрдүгүт эрэ бултаһа сатааҥ диэн. Биир идэлээх табаарыстарбын бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибин. Тус олохторун ситиһии арыаллаатын, байанайдаах буоллунар! 1 из 5

Булуҥҥа – Булчут күнэ
© ЯСИА.RU