Иэйэхсити иҥэрии сиэрэ-туома ытык Нөмүгүгэ ыытылынна

«Түһүлгэ» култуура киинигэр Иэйэхсиккэ аналлаах тэрээһиммитин “Арчы” дьиэтин, “Айыы итэҕэлэ” тэрилтэ, «Түһүлгэ» култуура киинин үлэһиттэрэ кыттыһан ытык Хаҥалас маанылаах сиригэр, Ой нэһилиэгэр, тэрийэн ыыттыбыт. Саха дьоно ытыктыыр Иэйэхсит Айыы Хотуммут киһиэхэ илгэни биэрэн быйаҥы үөскэтэр, айылҕаҕа өҥү биэрэр, ыраастаан араас куһаҕан дьайдары тэйитэр суолталаах. Саха киһитигэр маннык улахан суолталаах ыйбытыгар “Айыы итэҕэлэ” тэрилтэ дьөһүөлдьүтэ, алгысчыта Саввинов Александр Васильевич – Алгыстаах Өлөксөөн анаан тахсан Иэйэхсити иҥэрии туомун толордо. Биир дойдулаахпыт, «Айыы итэҕэлэ» тэрилтэттэн Киприянова Джемма Даниловна Лазарь Андреевич Афанасьевтыын – Тэристиин таһааттарбыт кинигэлэрин сырдаттылар. Алгыстаах Өлөксөөн киһи арчыланар ньымаларын сүбэлээтэ, дьон мунаарар ыйытыктарыгар хоруйдаата. Эһиил Хотой Айыы сыла үүнэринэн, Хаҥалас улууһугар түмсүүнү төрүттээбит, бастакы ыһыаҕы ыспыт, саха саргытын салайсыбыт ытык эһээбит Эллэй сылын биллэриҥ итиэннэ сомоҕолоһуу ыһыаҕын тэрийиҥ диэн сүбэлээтэ. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьону алгыстаах кымыһынан, саламаатынан, алаадьынан күндүлээтибит. Түмүкпүтүгэр ытык сирдэргэ сүгүрүйүү туомун толоро «Ытык сырыы» диэн ааттаан ыам ыйын 21 күнүгэр, Куллатыга Мунньан Дархан тааһыгар, Ытык сэргэбитигэр сүгүрүйүүттэн саҕалаан, Улаах Ааҥҥа баар Хаспах хайатыгар оҕоломмот ыалга, сулумах сылдьар дьоҥҥо анаан улахан алгыс оҥоруохпут. Бу тэрээһиммитин Нөмүгүгэ Бахай хонуутугар Эллэй тааһыгар сүгүрүйүүнэн түмүктүөхпүт. Иэйиэхсиккэ аналлаах тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьон бары сэргэх кэпсэтииттэн дуоһуйан тарҕастыбыт. Онон Айыы киһитэ буоларга сирдиир тэрээһини тэрийсибит дьоммор барҕа махталбын тиэрдэбин.

Иэйэхсити иҥэрии сиэрэ-туома ытык Нөмүгүгэ ыытылынна
© ЯСИА.RU