Чурапчы улууһугар буола турар Музейдар күннэригэр кэскиллээх кэпсэтии таҕыста
Чурапчы улууһугар 2016 сыл Музей сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн үлэ-хамнас өрө көтөҕүллүүлээхтик, тиһиктээхтик ыытылынна. Онтон бу күннэргэ, сэтинньи 30 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри, СӨ Государственнай музейдарын күнэ бэрт сэргэхтик буола турар. Бэлиэ дьаһалга Бырайыак толорооччуларынан Чурапчы улууһун дьаһалтата, СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, олохтоох култуура уонна музей тэрилтэлэрэ буолаллар. Ол курдук, Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы хотугу норуоттар култуураларын уонна историяларын кэпсиир музей, СӨ Национальнай художественнай музейа, Былатыан Ойуунускай аатынан литература музейа, Саха норуотун фольклорун уонна музыкатын музейа, Ксенофонт Уткин аатынан Ньурбатааҕы доҕордоһуу музейа кэлэн кыттыыны ыла сылдьаллар. Хас биирдии түмэл бэйэтэ аҕалбыт экспонатын үс күн устата көрөөччү сэҥээриитигэр таһаарда. Үөрүүлээх дьаһал умнуллубат түгэнинэн Андрей Саввин-Өндөрүүскэ Саабын аатынан музейга кини мемориальнай дуоскатын аһыы сиэрэ-туома буолла. Салгыы СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Николай Макаров, улуус баһылыга Андрей Ноговицын, Ярославскай аатынан музей дириэктэрэ Егор Шишигин, кэлбит музейдар бэрэстэбиитэллэрэ, улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ, история учууталлара, култуура, музей үлэһиттэрэ кыттыылаах төгүрүк остуолга сэргэх кэпсэтии таҕыста. Бу духуобунас тыынын өрө күүрдэр аһаҕас, ыллыктаах сэһэргэһиигэ баҕа санаалар этилиннилэр. Инникитин музей үлэтин өссө үрдүк таһымҥа таһааран, норуот духуобунай таһымын кэпсиир үйэлээх дьыалаҕа күүскэ ылсыы, норуот быһыытынан ураты суолбутун булунарбытыгар кэмнэр аастахтарын ахсын улахан көмөнөн буолалларын бэлиэтээтилэр. Үс күн устата биэс сиринэн ыытыллар Государственнай музейдар быыстапкалара улуус дьонугар-сэргэтигэр саҥа көрүүлэри, үтүө түгэннэри бэлэхтиэхтэрин эттилэр. Чурапчы улууһун салалтата Музей сылын биллэрэн, бу эйгэҕэ үгүс үлэни былааннаахтык ыыппытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Итиниэхэ тэрээһин кыттыылаахтара маннык улахан дьаһал биир сылынан түмүктэнэн хаалбакка, кэлэр сылга суолун өссө тобулан, оннун булан үтүмэн үлэни ыытыаҕар эрэннилэр, бу хайысха сайдар кыахтааҕын бэлиэтээтилэр.