Войти в почту

Емельян Ярославскай аатынан Саха музейа чурапчыларга сэдэх экспонаттарын көрдөрдө

СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин, «Чурапчы улууһа» МТ дьаһалтатын тэрийиилэринэн Чурапчыга үс күн устата өрөспүүбүлүкэ музейдарын күннэрэ ыытылыннылар. Быыстапканы үөрүүлээхтик аһыыга Саха музейын директора, историяҕа наука кандидата, РФ уонна СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ, РФ музейдарын сойууһун Президиумун чилиэнэ Е.Шишигин, Чурапчы улууһун баһылыга А.Ноговицын, А.Саввин аатынан история уонна этнография музейын директора Ю.Толстоухов кытыннылар. Бар дьону үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, тэрээһиҥҥэ кытталларыгар, быыстапкалары көрөллөрүгэр, санааларын тиэрдэллэригэр ыҥырдылар. Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах государственнай музейа “Легенды музея”, “Любящий Вас, Лев Толстой” уонна “Артефакты Чурапчинского района” диэн быыстапкаларын Чурапчытааҕы А.Саввин аатынан история уонна этнография музейыгар туруорда. Онтон музей научнай үлэһитэ Юлия Илларионова оҥорбут «Семейные реликвии глазами потомков» диэн быыстапката Хатылы олохтоохторун болҕомтолорун тарта. Чурапчылар дьикти историялаах сэдэх экспонаттары улаханнык сэргээтилэр, сөҕө-махтайа көрдүлэр. Ол курдук, музейбыт археолога Василий Попов Болтоҥо нэһилиэгиттэн булбут 16-с үйэтээҕи үс атахтаах мас чороонун, “Кыыс таҥара” диэн ааттаах саха былыргы итэҕэлин көрдөрөр экспонатын, саха фольклорун уһулуччулаах чинчийээччитэ Д.И.Дьячковскай-Сэһэн Боло Одьулуунтан хомуйбут этнографическай коллекциятын, Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх худуоһунньук И.И. Сивцев – Мытыйыкы Уус нуучча улуу суруйааччытын Лев Толстойу уруһуйдаабыт икки хартыынатын, Саха сириттэн төрүттээх Венгрия генсегын кэргэнэ Ф.Корнилова — Ракоши бэлэхтээбит араас экспонаттарын, Манньыаттаах уола тутта сылдьыбыт малын-салын, РСФСР, САССР норуодунай худуоһунньуга, муосчут Т.Аммосов оҥорбут, СӨ Л.Брежневкэ 70 сааһыгар анаан оҥорбут, бэлэхтээбит аатырбыт-сураҕарбыт бриллианнаах чороонун уонна да атыны уу харахтарынан көрөллөрүн сэргэ, историяларын сиһилии билсэн ордук улаханнык астыннылар, дуоһуйдулар. Дьон-сэргэ чахчы астынан туран, маннык тэрээһиннэр олус наадалаахтарын ыйдылар.

Емельян Ярославскай аатынан Саха музейа чурапчыларга сэдэх экспонаттарын көрдөрдө
© ЯСИА.RU