Кыргыдайга киин ититиигэ 91 ыал дьиэтэ холбонно

Иккис болдьоҕор талыллан үлэлиир Семен Григорьев баһылыктаах Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгэр, тупсарыныы сылыгар, бөһүөлэккэ киин ититии ситимин тардыы түмүктэннэ. Бөһүөлэк Бүлүү өрүс уҥуор хоту диэки туһаайыынан аатырбыт Мастаах эбэ таһыгар, улуус кииниттэн 135 км ыраах сиргэ сытар. Бэти уона Сатаҕай күөллэр икки ардыларыгар 2 км курдук уһун синньигэстик сытар нэһилиэккэ 567 киһи “бур-бур” буруо таһаарар. Нэһилиэк кыратын көрүмэҥ. Бу улууска саамай элбэх — 1900 ынах сүөһүлээх нэһилиэк. Манна кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ортотунан 10-нуу сүөһүнү туталлар. Өссө Кыргыдай улууска суох соҕотох таас хотоннооҕунан биллэр. Бөһүөлэктэн чугас, Кэҥэрэччигэ, А.Кырбасова “Илин” бааһынай хаһаайыстыба таас хотоҥҥо элбэх сүөһүтүн кыстатар. Кыргыдайга үүт ыыр, бородууксуйа аахсар производственнай кооператив этэҥҥэ үлэлии-хамсыы олорор. Тупсаран оҥоруу сылыгар бөһүөлэккэ дьиэлэри киин ититиигэ холбооһуҥҥа, трассаны тардыыга хас да сыллаах үлэ түмүктэннэ. Дьиэлэри холбооһун үлэтэ кыамталаах хочуолунайы тутууттан саҕаламмыта. Ол саҕана СӨ Бэрэсидьиэнэ Егор Борисов Бүлүү куоратыгар баһылыктары, салайааччылары кытта көрсүһүүтүгэр Семен Григорьев дьиэлэри киин ититиигэ холбуур үлэлэригэр көмө көрдөөбүтэ. Онуоха Бэрэсидьиэн “Бөһүөлэккэ барытыгар благоустройствоны киллэрэр буоллаххына көмөлөһүөм” диэн хоруйдаабыта. 2013 сылтан Ил Дархан этиитинэн СӨ Бырабыыталыстыбата, ОДьКХ ГУТ оҥорбут анал бырагараамаларынан, улуустар, нэһилиэктэр туруорсууларынан, кыттыһыыларынан тыа сирин дьонун олохторун чэпчэтэр сыаллаах олорор дьиэлэри киин ититиигэ холбооһун саҕаламмыта. Улуус салалтата гаас ситимэ тиийбэт нэһилиэктэргэ итинник үлэни ыыппыта. Онон күн бүгүн Кыргыдай сайдан, тупсан иһэр. Кулууп, спортсаала, дьаһалта турар бөһүөлэк киинин, үйэ-саас тухары турар үчүгэй көстүүлээх тимир эрэһээҥкэ олбуорунан төгүрүтүүнү саҕалаатылар. Киин уулуссаларыгар уот-күөс тардылынна. Сэриигэ барбыт буойуттар кэриэстэбиллэрин тимир күрүөнэн эргиттилэр. Нэһилиэк бастыҥ дьонугар аналлаах стендэни саҥаттан оҥордулар. Үлэ хайдах кэриҥнээхтик тэриллибитин нэһилиэк баһылыга Семен Спиридонович Григорьев маннык билиһиннэрэр: — Сылын аайы маһы кэрдиигэ, тиэйиигэ ыарахаттары көрсөрбүт, чугаһынан маспыт чордонон да бүттэ, тэйиччи сиртэн аҕаларбыт. Онтон билигин, ититии киирэн, нэһилиэнньэ олус үөрдэ, санаата көтөҕүлүннэ Ол курдук, үс сыл ыытыллыбыт үлэ түмүгэр, 11 км уһуннаах ититии ситимэ тардыллан бөһүөлэк иһигэр тиийиэхтээх сиригэр тиийдэ. Маныаха дьаһалта өттүттэн сыл аайы 1-дии мөл. солк. көрөн испиппит. 2015 сыллаахха дьиэлэри холбооһуҥҥа нэһилиэнньэни кытта мунньахтаан, ыалларга тардыыга харчы хомуллуохтааҕа быһаарыллыбыта. Ити быһаарыы дьиэлэри киин ититиигэ холбооһуну биллэрдик тэтимирдибитэ. Өскөтүн дьаһаммакка муниципальнай тэрээһини эрэ кэтэһэн олорбуппут буоллар, ыаллары холбооһун бытаарыа, уһуннук барыа этэ. Онтон билигин, көрөргүт курдук, бөһүөлэк 91 ыала дьиэлэрин хочуолунайтан сылыталлар. 160 дьиэ баарыттан сорҕото докумуоннара суохтар, сорох дьиэлэр ыаллара киин сирдэргэ көһөн, кураанах тураллар. Онтон араас ыарахаттары көрсөн ититинии киллэрбэтэхтэргэ кэлэр сылларга булгуччу киллэриэхпит. Хочуолунайтан тардыллар ситим итии турбаларын быыстарыгар пластик бүрүөһүннээх алюминий турбаны хос ыыппыттара харахха тута быраҕыллар. Баһылык быһаарбытынан, бу дьиэлэргэ тымныы уу киллэрэр сыаллаах-соруктаах тардыллыбыт. Турба трасса аҥарыгар диэри тиэрдиллибит. Онон кыалыннаҕына, кыргыдайдар сайыннары-кыһыннары уулаах буолаллар. Манна даҕатан, Е.А.Борисовы кытта хас да сыллааҕыта тахсыбыт кэпсэтииттэн эмиэ эргитэн аҕалабын. Кыргыдайга 2014 сыллаахха сайыҥҥы уу ситимэ үлэҕэ киирбитэ. Носуостара былырыын сайын бадьыыстыы сылдьыбытын оҥорбуттар. Маныаха сайыҥҥы уу ситимин кытта ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирбитинэн, олохтоохтор фильтр нөҥүө ааспыт ыраас ууну иһэн абыраммыттар. Онон олохтоохтор баһылык уу боппуруоһугар кэлиҥҥи сылларга күүстээх үлэни ыыппытын бэлиэтииллэр. —Билигин бөһүөлэккэ 13 ыал үөрэ-көтө дьиэлэрин иһигэр душ, туалет оҥостубуттар, сорохторго аптамаат таҥас сууйар массыыналар кытары тураллар. “Саха дьоно үчүгэйдик көрөн, сиһилии билэн, ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэн баран биирдэ оҥостор, туттар үгэстээхтэр. Дьиэ-уот куораттардыы толору хааччыллыылаах буоларын ыаллар сэргээтилэр. Бэйэ-бэйэлэриттэн көрөн үөрэнэллэр, сүбэ-ама бэрсэллэр. Онон кэлэр сылларга итинник хамсаныы күүскэ тахсаары турар, — диэн баһылык үөрэр. Семен Спиридонович үлэтигэр-хамнаһыгар итинэн муҥурдаммакка, кэлэр өттүгэр бөҕү дьаһайыны, харайыыны толкуйдуур. Ол туһунан сырдатар: —Тымныы, ыраас уунан дьарыктанар, кирдээх ууну оботторор, бөһүөлэк кытыытыгар анал сирдэргэ, дьааһыктарга мунньуллар бөҕү сыбаалкаҕа таһаарар муниципальнай тэрилтэни тэрийэр былааннаахпыт. Оччоҕо дьон ырааппакка, бэйэтэ билэринэн дьаһайбакка, бөҕү анал дьааһыктарга кутуоҕа. Дьэ оччотугар бөһүөлэк таһынааҕы айылҕабыт ыраас буолуо этэ. Итини барытын ааҕан-суоттаан кыаллар диэн түмүккэ кэллибит. Хабаровскайга муниципальнай тэрээһин сирин санитарнай ыраастааһыҥҥа бырайыак оҥотторбуппут. Онон 2021 сылга диэри бөһүөлэкпит куорат курдук буолуохтаах диэн былааннаахпыт. Маны нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытын бырагырааматыгар киллэрэн тиһиктээхтик үлэлэһэбит, — диир кини. Быйыл күһүн киин ититиини киллэттэрбит хас да ыалга сырыттыбыт. Элбэх хаары санныгар уулларбыт 86 саастаах нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, улууска биллэр тойуксут, муҥхаһыт, тыыл бэтэрээнэ Степан Васильевич Наумов улаханнык үөрэн олорор. Кырдьаҕас соторутааҕыга диэри бэйэтэ мас хайытарын, билигин оһох оттубатын кэпсиир: — Кырдьар сааска бэлэм ичигэскэ олорор үчүгэйэ сүрдээх. Семен Григорьев кэлиэҕиттэн элбэх үлэ барда, лаппа уларыйыы таҕыста. Дьиэлэри хочуолунай ититэр, сайынын күрүөбүт иһиттэн бэлэм ууну кыраантан ылабыт. Урут күөлтэн баһынан, ардах уутун иһэн олорбуппут. Онон нэһилиэгин туһугар кыһаллар киһибитин инникитин өссө да талыахпыт. Ытык кырдьаҕас ититии ситимин 120 тыһ. солк. киллэттэрбитин, субсидия төлүүллэрин эрэнэ кэтэһэрин эттэ. Ольга Васильевна, Семен Димитриевич Наумовтар дьиэлэригэр ититии алтынньыга киирбит. “Кэскил” түөлбэ салайаачыта О.Наумова: — Хочуолунайтан кэлэр ититии диэн наһаа үчүгэйин билэн абыранныбыт. Өссө дьиэлэригэр душ, туалет киллэттэрбит ыаллар букатын да астыналлар, биһиги ону истэн наһаа ымсыырабыт. Эһиил хайаан да бу боппуруоска ылсыахпыт диэн олоробут. Аны сайынын киэһэ ахсын уу биэрэллэрин туттан төһө баҕарар оҕуруот олордуохха сөп .Онон олорорго усулуобуйа, сайдыы баар. Эдэр саастаах баһылыкпыт олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр үлэтэ көһүннэ, — диир. Ыал аҕа баһылыга С.Д.Наумов сэргиирин биллэрдэ: — Урут 20 тахса куб. маһынан кыстааччыбыт. Ол аата үстэн ордук бырысыап. Күнү быһа оһох хамначчыта буолаҕын, ханна да ырааппаккын. Онно эбии мас боппуруоһа ыараан испитэ. Оттон билигин иллэҥ буоллубут, абыраллаах эбит. Биһиги үйэбитигэр маннык буолуо диэн санаабатахпыт даҕаны. Туруннахха кыаллар эбит. Баары баарынан эттэххэ, баһылыкпыт үлэһит киһи. Надежда Михайловна, Сергей Владимирович Степановтар дьиэлэригэр туалет, душ оҥостубуттар, таҥас сууйар аптамаат массыыналаахтар. Ыал аҕа кэпсиир: — Биһиги өттүбүгэр трасса тардыллыыта эмискэ быһаарыллан соһуччу буолла. Ититии турбатын тардыыга 40 тыһ. солк. төлөөтүбүт. Урут систиэмэлээх этибит. Кыраан, турба атыыласпыппыт субсидиянан төннүөхтээх дииллэр. Маннык үлэни оҥорон олоххо киллэрбитигэр дьаһалтабыт баһылыгар махталбыт улахан. Ити курдук ыраах Кыргыдай бөһүөлэгэр олохторун куорат усулуобуйатыттан итэҕэһэ суох оҥостон, ынах сүөһү, сылгы ииттэн, тыа сирин дьоно инникилэрин эрэллээхтик көрөллөр. 1 из 6

Кыргыдайга киин ититиигэ 91 ыал дьиэтэ холбонно
© ЯСИА.RU