Сунтаарга сэргэх күннэр үүннүлэр
Ситэриилээх былаас отчуотугар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Петр Алексеев өрөспүүбүлүкэ сылы туруктаахтык түмүктээбитин, ол иһигэр Сунтаар улууһун көрдөрүүтэ эмиэ куһаҕана суоҕун бэлиэтээтэ. Аллыҥаҕа Сайдыы туоһутунан тутуу тэтимнээхтик барарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, Маар Күөл оскуолата — 2017, Уґун Күөл оскуолата — 2018, Кириэстээх -2019 сылга үлэҕэ киириэхтээхтэрин эттэ. Манна Александр Акимов Уһун Күөл оскуолатын тутуутугар улуус бэйэтэ бытаарбытын, оттон Маар Күөл оскуолата кыра гына бырайыактаммытын сыыһанан ааҕар. Уһук Илиҥҥи гектар боппуруоһугар сунтаардар олус долгуйуо суоххутун сөп диир Петр Николаевич. Ол курдук, «Роснедра» тэрилтэ быһаарыытынан, Сунтаар улууһун сирин 60% ити сокуонунан босхо түҥэтиигэ хапсыбата быһаарыллыбыт. Судургутук эттэххэ, сирбит итиччэ бырыһыана сиртэн хостонор баайдааҕа биллэр. Аны олунньу ыйтан Арассыыйа бары олохтооҕо сир ыларга сайабылыанньа киллэрэрэ саҕаламмыта. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ тас өттµттэн 76 сайабылыанньа киирбит, үксэ Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас улуустарыгар. Аллыҥа нэһилиэгэ биһиги улууспут биир сайдыылаах, бөҕөх туруктаах нэһилиэгэ диэтэхпитинэ сыыһа буолбата буолуо. Ол курдук, нэһилиэк сүрүн социальнай тутуулара бары да кэриэтэ саҥа технологиянан тутуллубут саҥа тутуулар. Кулууп, оскуола, успуорт саалата, аны билигин тыа сиригэр мээнэ суох икки мэндиэмэннээх оҕо саада тутулла турар. Манна барытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна П.М. Попов дириэктэрдээх «Сунтар-цеолит» тэрилтэ көмөтүн бэлиэтиир тоҕоостоох. Оттон тыа хаһаайыстыбатыгар Н.П. Герасимова салайааччылаах «Татыйыына» фирма аныгылыы тэриллээх арыы сыаҕын аһан үлэлэтэр. Нина Прокопьевна үрдүк сололоох үлэлээх үлэһиттэри Аллыҥатааҕы сыаҕар көрүстэ. Үлэни-хамнаһы, инники былааннарын билиһиннэрдэ. Итинник туруктаах нэһилиэккэ Бырабыыталыстыба отчуота да сэргэхтик барда. Ол да буоллар, аллыҥалар ыйыталаһаллара, туруорсаллара син биир элбэх. Аллыҥалар бэтэринээрдэр өҥөлөрө аһара ыараханын, сүөһүнү искусственнайдык сиэмэлээн боруодатын тупсардахха эрэ үрдүк бородууксуйаны ылыахха сөбүн, ууну түһэрии салгыы ыытыллыахтааҕын, электрическэй уот ситимэ олус эргэрбитин, бары электрическэй ититиигэ киирбиттэр эрээри, оһохторун отто олороллорун эттилэр. Тыа сиригэр олорооччу ханнык баҕарар эйгэ үлэһитин хамнаһа кыратын, оскуола оҕотун араас тэрээһиннэргэ таһарга саатар кыра оптуобус наадатын, ити боп-пуруоска билигин ирдэбил олус үрдээбитин, сибээс мөлтөҕүн (улууска оптоволокно 2018 сыл бүтүүтэ кэлиэ диэн буолла), цифровой тэлэбиидиэнньэ туһунан о.д.а. араас кыһалҕаларын этэллэр, мунаарар боппуруостарын ыйыталлар. Онно барытыгар тустаах хоруйдар бэрилиннилэр. Аллыҥалар бэйэлэрин тэлгэһэлэрин эрэ иһинэн муҥурдаммакка, «Роскосмос» үлэтигэр кытта «тиийэ» сырыттылар. Тойбохойго Балыыһа дьиэтин көрүү буолла. 1948 сыллаахха тутуллубут дьиэ билигин эргэрбитэ биллэр. Онон тойбохойдор балыыһа туруорсубуттара ыраатта да, билиҥҥитэ ханнык да хамсааһын суоҕуттан сонньуйаллар. Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Петр Алексеев барытын сиһилии билсэн баран, бастаан бырайыагы бэлэмнииргэ эттэ. Оччоҕуна эрэ ханнык эмит быһаарыы тахсыан сөбүн эттэ. Аны кулууптара суох буолан, бу да сырыыга көрсүһүү Г.Е. Бессонов аатынан мусуойга буолла. Уруттаан эттэххэ, эһиилги отчуот саҥа кулууп дьиэҕэ буолуо диэтилэр. Нэһилиэк олохтоохторо эмиэ араас ыйытыктарынан чопчулаатылар, санааларын эттилэр. Үлэ бэтэрээнэ Модест Петров тыа сиригэр саамай табыгастаах «Россельхозбанк» филиалын үлэтин улууска сөргүтэргэ, Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатыгарүµлэлээбиттэр биэнсийэлэригэр ылыммыт сокуона Саха сиригэр тоҕо үлэлээбэтин, «Хочо» МУТ дириэктэрэ Валерий Илларионов бэйэтин үлэтин-хамнаһын, кыһалҕаларын этэн туран, тыа хаһаайыстыбатыгар «эксперимент» хаһан бүтэрин, үүт субвенциятыгар былырыыҥҥы схема сөбүн эттэ, санаатын үллэһиннэ. Валерий Петрович салгыы Тойбохойу эрэ буолбакка, бүтүн улууһу да таарыйар боппуруоһу саамай өпкө этэр. Билиҥҥи туругунан, улууска 600-800 т, оттон Тойбохойго 100 т кэриҥэ от тиийбэт туруктаах диэн дьиксиннэриилээх балаһыанньаны кэпсээтэ. Манна Петр Алексеев былаан ааспыт сыл балаҕан ыйыгар оҥоһуллубутун, улуус баһылыгын Анатолий Васильевиһы кытта сүбэлэһэн быһаарыы ылыныах буолан эрэх-турах санааны үөскэттэ. Валерий Илларионов бу сотору тэрилтэни «Тойбохой сопхуос» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооперативыгар уларыта тутан тэрийээри сылдьалларын эттэ. Түмүгэр кини бэйэтин тэрилтэтэ оҥорон таһаарар бородууксуйаларын үрдүк сололоохтор иннилэригэр остуолга уураталаан соһуйууну да, сэргэхсийиини да таһаарда. Петр Алексеев Валерий Илларионов этиитин бэркэ болҕойон истэн баран, субуотаҕа Сунтаарга буолар мунньахха ыҥырда. Салгыы сир оҥоруутун, оҕо саадтарын дьиэлэрэ аһара эргэрбиттэрин, төһө да федеральнай буоллар, билигин 70 үлэһиттээх оҕо дьиэтэ сабыллар кут-таллааҕын, Тойбохой ыччата бэйэ матырыйаалынан шлакоблок оҥорон испитэ улаханнык өйөммөтөҕүн о.д.а. кэпсээтилэр, кыһалҕаларын иһитиннэрдилэр. Түмүккэ РФ Федерация Сэбиэтин чилиэнэ А.К.Акимов уруккуттан даҕаны туруу үлэһит тойбохойдор ааккытын-суолгутун түһэн биэримэҥ. Аны сайыҥҥы үбүлүөйгэ ыһыахтаан эрэ баран тарҕаспат курдук үлэни-хамнаһы сөргүтүҥ, өрөспүүбүлүкэ салалтата бары өттүнэн көмөлөһөргө бэлэм диэтэ.