I Күүлэккэ баараҕай тутуу үлэҕэ киирдэ

Соторутааҕыта I Күүлэт нэһилиэгэр күүтүүлээх уонна улахан үөрүүлээх дьоро түгэн буолла. Улууска суох үчүгэй тутуулаах, көстүүлээх саҥа култуура киинэ арылынна. Саҥа тэрилтэ 750 кв м иэннээх, 150 көрөөччү киирэр саалалаах, үҥкүүлүүр сирдээх, киэҥ фойелаах, элбэх хостоох, бибилэтиэкэлээх, муостата керамика билиитэлэринэн тэлгэтиллибит, дьиэ иһэ-таһа үчүгэй көстүүлээх аныгы матырыйаалынан бүрүллүбүт. Сырдык, улахан түннүктэрдээх, ис-тас өттө ураты оһуор-мандар оҥоһуулаах, гаһынан ититиллэр. Өссө киэһэ, түүҥҥү кэмҥэ тас өттө сырдатыллара ураты көстүүнү биэрэр, тупсарар. 2012 сыллаахха иккис саҥатык соҕус тутуулаах кулуупка этиҥ түһэн, күл-көмөр буолан, тыа сирин үлэһит дьоно түмсэр түһүлгэтэ суох хааланнар, улаханнык хомойбуттара. Ол уолуйууну, кыһыыны-абаны намыратан, түмсүүлээх, үлэһит дьонноох күүлэттэр саҥа кулуубу тутарга туруммуттара. Сыл түмүктэниитэ нэһилиэк баһылыга Айаал Новиков бырайыак оҥорторон, эһиилги сылыгар хастыы да ый Ленскэйгэ мас атыылаһа кэпсэтэ сылдьан, ыраах сиртэн буруус маһы тиэйтэрбитэ. Бөһүөлэк киинигэр, бастакы кулууп турбут сиригэр, саҥа кулууп тутуута саҕаламмыта. Кулуубу тутууга – холлоҕоһун таһаарыыга, түөрт “башнялаах” үрдүн бүрүйүүгэ, бетон үлэтигэр, иһин-таһын оҥорууга, киэргэтиигэ олохтоох дьон, барытыгар сыстаҕас үс көлүөнэ уустар сыстан хаачыстыбалаахтык туттан үлэлээбиттэрин ураты көстүү быһыытынан бэлиэтиэххэ сөп. Ити үлэни көҕүлээн, иилээн-саҕалаан ыыппыт нэһилиэк тумус туттар киһитэ, баһылык Айаал Новиков үтүөтэ уунан суурайыллыбат, кэнэҕэс кэпсэлгэ сылдьар буолуоҕа. Кулууп үөрүүлээх аһыллыытыгар ытык кырдаҕас Егор Васильев эҕэрдэ тылы эттэ, баһылык Айаал Новиков кулуубу туппут биригээдэ салайааччытыгар Егор Федоровка махтанна. Саҥа кулуубу кэрэһилиир бэлиэ күлүүс кулууп дириэктэригэр Геннадий Петровка үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна. Киирии лиэнтэни баһылык Айаал Новиков, улуус баһылыга Сергей Винокуров, култуура, ыччат, дьиэ кэргэн политикатыгар управление салайааччыта Сергей Шамаев, кулууп дириэктэрэ Геннадий Петров дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан, уруй-айхал арыалланан быстылар. Кулуупка уһуннук үлэлээбит Фатима уонна Антон Яковлевтар сырдык кэриэстэригэр оҕолоро, сиэннэрэ өйдөбүнньүк дуосканы эмиэ ытыс доҕуһуолун ортотугар арыйдылар. Нэһилиэк баһылыга Айаал Новиков, улуус баһылыга Сергей Винокуров, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Лукин, ИТУ салайааччыта Владимир Степанов, улуус архитектора Семен Степанов, култуура, ыччат, дьиэ кэргэн политикатыгар управление салайааччыта Сергей Шамаев, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын кылаабынай дирижера Алексей Унаров, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин салайааччы Герасим Солтуев, оройуон Сэбиэтин депутата, “Күүлэт” түмсүү салайааччыта Алексей Степанов, ХИФУ мединститутун доцена, наука кандидата Антон Яковлев, САССР үтүөлээх бырааһа, куорат бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Никита Матвеев мустубут бар дьону үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар. Нэһилиэк баһылыга Айаал Новиков I Күүлэккэ култуура сайдыытын түһүмэхтэрин, кулууп тутуутун, култуура эйгэтигэр үлэлээбит дьону үтүө тылынан аҕынна, дьоро күн Махтал суруктары туттарда. Улуус баһылыга Сергей Винокуров саҥа кулууп киирбитинэн эҕэрдэлииригэр тутуу өссө салҕаныаҕын, оскуола тутуута оннуттан хамсаабытын иһитиннэрдэ, олохтоох дьон хайдахтаах да улахан тутууну ыытар кыахтаахтарын көрдөрбүттэрин, бу нэһилиэк дьоно улууска холобур буолбуттарын бэлиэтээтэ. Култуура киинин материальнай-техническэй базатын бөҕөргөтөргө култуура министиэристибэтин аатыттан мөлүйүөн аҥара солк. сертификат уонна национальнай инструменнар комплектара туттарылынна. СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин бочуоттаах грамотата Мария Ивановаҕа, махтал суруктар Геннадий Петровка, Розалия Васильеваҕа, “Култуура, духуобунас эйгэтигэр үтүөлэрин иһин” улуус бэлиэтэ Анатолий Тутукаровка, култуура киинин тутууга тус кылааттарын киллэрбиттэрин иһин министиэристибэ махтал суруктара тутуу биригээдэтин салайааччыларыгар Андрей Титовка, Егор Федоровка туттарылыннылар. Бу дьоро киэһэ элбэх киһи грамоталары, махтал суруктары тутан үөрдэ-көттө. Ыраах сытар Күүлэт сиригэр саҥа дьиэ үлэҕэ киирэн үөрүү-көтүү үксээтэ, элбэх үтүө тыл этилиннэ, үлэһит дьон бэлиэтэннэ. Киэһэ хойукка диэри улахан кэнсиэри дьон-сэргэ астына-үөрэ көрдө, уруйдаата. Дьэ, кырдьык, улуус дьонугар күүлэттэр сатабыллаахтарын, туохтан да толлон турбаттарын, улахан соруктары туруорунан кыайар кыахтаахтарын көрдөрдүлэр, үтүө холобур буоллулар.

I Күүлэккэ баараҕай тутуу үлэҕэ киирдэ
© ЯСИА.RU