Табаһыттар сийиэстэригэр Усуйаанабытын ааттаттыбыт
Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы табаһыттар IV сийиэстэригэр Арассыыйа регионнарыттан уонна Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин табаны иитэр бары оройуоннарыттан дьон-сэргэ мустубута. Биһиги оройуоммутуттан элбэх киһилээх дэлэгээссийэ онно көхтөөх кыттыыны ылбыта. Далааһыннаах тэрээһин култуурунай бырагырааматыгар ситиһиилэнэн, санаабыт көтөҕүллэн, улаханнык астыммыппыт. Бу үөрүүбүтүн-көтүүбүтүн бар дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарыахпытын, кылгастык да буоллар сырдатыахпытын баҕарабыт. Улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын үлэһитэ, Усуйаана улууһун делегациятын кыттыылааҕа М.Болтунова: —Регионнар икки ардыларынааҕы “Стойбище приглашает гостей” диэн күрэскэ В.Рожина тордоҕо, дьиэ иһинээҕи мала-сала, Саха сирин араас кыылларын тириилэриттэн быыстапката, айылҕа матырыйаалынан оҥоһуллубут куукунаҕа туттуллар иһитэ-хомуоһа, таҥаһа-саба, аһа-үөлэ көрбүт дьону барыларын сөхтөрдө. Түмүкпүт да астык буолла. Элбэх кыттааччы ортотугар биһиги түһүлгэбит бастакы миэстэҕэ тигистэ. Маны таһынан, киирэр ыалдьыттары күндүлүүргэ-маанылыырга анаан өссө биир балаакканы туруорбуппут. Онно хотугу омуктар астара-үөллэрэ хас да күнү быһа астанна. Онон усуйааналарга ыалдьыттыы кэлбит киһи барыта итии киллэринэн, минньигэстик аһаан астынна. Бу улахан түбүктээх уонна сылаалаах үлэҕэ куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт Ирина Абрамова, Людмила Горохова, Евдокия Болтунова, Марианна Николаева улаханнык көмөлөстүлэр. Кинилэргэ ис сүрэхтэн махтал истиҥ тылларын тиэрдэбит. Аны туран, 13 киһи быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кытынна. Удьуор табаһыт Гороховтар дьиэ кэргэннэрин чилиэнэ, Хаһааччыйа олохтооҕо, Хаһааччыйа нэһилиэгин Сэбиэтин дьокутаата Мария Слепцова дьахтарга, эр киһиэхэ, оҕоҕо таба тириититтэн, тыһыттан тикпит таҥастарын, “Көс олохтоох дьиэ кэргэн” тиэмэҕэ бэйэтэ оҥорбут оҥоһуктарын дьүүллүүр сүбэ улаханнык биһирээтэ. Мария Ивановна үһүс миэстэни ылла уонна 10 тыһ. солк.суумалаах харчынан сэртипикээти тутта. Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэр һээдьэһит, ырыа айааччы, фольклору уонна төрөөбүт тылын илдьэ сылдьар И.Слепцов, норуокка биллэринэн Ырыа Уйбаан, 50-тан тахса һээдьэ тылын этээччи ортотугар бастыҥынан ааттанна. Кини аҕа көлүөнэ һээдьэни этээччилэрин ортотугар кыайыылааҕынан таҕыста. Онон улууспутугар өссө биир бастакы миэстэни аҕалла уонна микроволновай оһоҕунан наҕараадаланна. Һээдьэҕэ эдэрдэр кырдьаҕастартан хаалсыбаттара үөртэ, сөхтөрдө. Ол курдук, ХИФУ үһүс кууруһугар үөрэнэр Яна Колосова эдэрдэргэ үһүс миэстэни эрэллээхтик ылла. Силээннээх нэһилиэгин баһылыга Н.Николаева эбээн тылын уонна култууратын оннунан хаалларарга үлэлэһэр энтузиастарга Иван Петровичка уонна Яна Колосоваҕа харчынан бириэмийэни туттарда. Үөрүүлээх күннэргэ Усуйаанаттан төрүттээх саха эстрадатын ырыаһыттара көрөөччүлэри талааннарынан үөртүлэр. Түһүлгэҕэ ырыа-тойук хас да хонукка дьиэрэйдэ. И.Слепцов-Ырыа Уйбаан: —Мин маннык үрдүк таһымнаах түмсүүгэ олохпор иккис төгүлүн кытынным уонна сүрдээҕин үөрдүм. Улууһум, дэлэгээссийэм туһа диэн туох баар кыһамньыбын барытын уурбутум, түмүкпүнэн астынным. Һээдьэлиирим саҕана, хантан кэлбиттэрэ биллибэккэ, урукку “Нергэт” ансаамбыл кыттыылаахтара, билигин үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ сылдьар устудьуон кыргыттарым: Колосова уонна Белолюбская таҥастарын таҥнан икки өттүбүттэн ылан һээдьэлэһэн барбыттарыгар олус үөрбүтүм. Кинилэр өйөбүллэрэ миэхэ улаханнык көмөлөспүтэ. Оҕолорбор махтанаары эргиллэн баран, кыргыттарбын элбэх дьон быыһыгар сүтэртээн кэбиспитим. Ол иһин, түгэнинэн туһанан, бүгүн кинилэргэ махталбын тиэрдэбин. Бу эдэр дьон һээдьэлэрин өрө тута сылдьар буоллахтарына, ол аата миигин солбуйар ыччаттар бааллар эбит диэн улаханнык үөрэн сылдьабын. Кыргыттар маладьыастар, кытаатыҥ, тылгытын умнумаҥ, култуураҕытын салгыы сайыннарыҥ! Сийиэс устатын тухары сиэн кийиитим Анастасия Колодезникова миигин, кырдьаҕас киһини, сирдээн, батыһыннаран илдьэ сылдьыбытыгар, көмөлөспүтүгэр, өйөөбүтүгэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Эйэҕэс быһыыҥ, үтүө майгыҥ уон оччо үтүө буолан бэйэҕэр эргиллэ туруохтун! Уопсайынан бу сырыыбыттан улаханнык астынным. Мин үҥкүүм тыллара элбэх этээччигэ холобур буолан тарҕаммытыттан үөрэбин. В.Рожина, “Стойбище приглашает гостей” номинация кыайыылааҕа: —Улахан тэрээһин түһүлгэтигэр чуум хаһаайката буолаҕын диэбиттэригэр анаан бэлэмнэммитим. Ураһа туттар сирбитин уолаттар эрдэттэн оҥорбуттар этэ. Оттон мин ураты соҕустук тэринэн барыахха диэн, быыстапкабын “Өбүгэлэрбит олорбут дьиэлэрэ-уоттара” диэн ааттаабытым уонна кинилэр таҥастарын-саптарын, иһиттэрин-хомуостарын, астарын-үөллэрин, утуйар таҥастарын көрдөрөргө кыһаллыбытым. Иһитим-хомуоһум барыта айылҕа матырыйаалларыттан: мастан, кыыл уҥуоҕуттан, таба куртаҕыттан, сыалыһар тириититтэн оҥоһуллубутун дьон улаханнык сөхтө. Ону таһынан, тапталлаах Усуйаанабыт кыылын-сүөлүн тириитин, балыктарын илдьэн бар дьоҥҥо көрдөрдүм. Ол курдук, коллекциябар Усуйаана 20 араас кыылын тириитэ, балыгын 15 көрүҥэ киирдилэр. Дьон күндү түүлээх тириитэ элбэҕин, камбала уонна кыатаа балыктар биһиэхэ баалларын сөхтүлэр, дьиктиргээтилэр. 16 кырса тириититтэн тигиллибит суорҕаммын, алта тииҥ тириитин кырса тыстарын кытта дьүөрэлээн тикпит үлэбин, таба тириититтэн тэллэҕи көрбүт киһи барыта биһирээтэ. Тас дойдуттан кэлэ сылдьар ыалдьыттар тутан, бүрүнэн хаартыскаҕа түстүлэр. Тоҥ балыгы кыһар оҥоһукпун биһирээн, биһиги дьокутааппыт Александр Слепцов куул аҥарыттан ордук тоҥ балыгы кыһан көрдөрдө. Ол балыкпытынан дьону барыларын күндүлээн үөртүбүт. Итини таһынан көрөөччүлэр таба ис сыатыттан, бурдуктан оҥоһуллар бүлүүдэлэри амсайдылар, хайдах астанарын ыйыталастылар. Онтон дьэ, түмүгү биллэрии буолбутугар хас да оройуону ааттаатылар. Арай, биһиги суохпут. Улахан долгуйуу буолла. Онтон үһүстээх иккис миэстэлэр кэннилэриттэн, Усуйаана улууһун ааттаабыттарыгар, үөрүү-көтүү бөҕө буола түстэ. Биһиги Ырыа Уйбааммыт кыайыыны уруйдаан һээдьэлээн барбытыгар, атын түһүлгэлэр бары биир улахан эргимтэҕэ түмсэн үҥкүүлэһэн бардылар, үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэһиннилэр. Онон биһиги сыалбытын-сорукпутун толордубут, олус үчүгэйдик сырыттыбыт. Онно ылбыт эрчиммит, үөрүүбүт билигин да биһиэхэ күүһү-уоҕу биэрэргэ дылы.