Войти в почту

Чурапчылар «Өксөкүлээх эйгэтэ» быыстапканы улаханнык сэҥээрдилэр

Быйыл саха норуотун сөҕүмэр талааннаах, илбистээх тыллаах, уһулуччулаах киһибит А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылын туолла. Өрөгөйдөөх үбүлүөйү Таатта дьоно-сэргэтэ бүттүүнэ олус сэргэхтик бэлиэтээтибит. Ол курдук, «Таатта» литературнай-художественнай музейын коллектива кулун тутарга Чурапчы улууһугар «Өксөкүлээх эйгэтэ» диэн быыстапканы үөрүүлээхтик аспыта. Өксөкүлээх Өлөксөй үрдүк аатыгар сүгүрүйэн Чурапчы улууһун дьоно-сэргэтэ тоҕуоруһа мустан быыстапканы сэҥээрэ көрбүттэрэ. Истиҥник махтаммыттара. Музей фондатыттан А.Е.Кулаковскай тутта сылдьыбыт ытык малларын (бирээнньигин хоруопкатын, тэриэлкэтин, чаһыытын, 19-с үйэтээҕи кыалыгын, үрүҥ көмүс ньуоскатын, айан-суруйан хаалларбыт кинигэлэрин, 2012 с. Алексей Елисеевич төрөөбүтэ 135 сааһыгар анаан СӨ норуотун маастара, маастар-педагог Ф.И.Чярин оҥорбут «Кэриэн айах» чороонун, Өксөкүлээх Өлөксөй аҕатынан аймаҕа Уот Хойустоон кыһан, чочуйан таһаарбыт саахыматын, маны таһынан Өксөкүлээх төрүччүтүн үөрэппит кыраайы үөрэтээччи Е.Д.Андросов ытык малларын, өбүгэлэрбит иһиттэрин-хомуостарын, таҥна сылдьыбыт таҥастарын-саптарын, киэргэллэрин-симэхтэрин, быыстапкабыт ис хоһоонунан истиэндэлэри туруоран дьон-сэргэ биһирэбилин, сэҥээритин ылан улаханнык үөрбүппүтүн умнубаппыт. Өрөгөйдөөх тэрээһиммитигэр быыстапкабыт кэрэ көстүүтүгэр сөп түбэһэн, Өксөкүлээх Өлөксөй бииргэ төрөөбүт убайын, Таатта улууһун маҥнайгы кулубатын И.Е.Кулаковскай-Оонньуулаах Уйбаан остуолун Чурапчы улууһугар Мария Сергеевна Кулаковская 1950 сыллаахха 260 солкуобайга атыылаабыта, туох баар докумуоннары ситэрэн биэрдэ. Бу дьикти, кыраһыабай көстүүлээх остуолу Петр Попов диэн Боотурускай улууһун Хайахсыт нэһилиэгин ууһа оҥорбута биллэр. Улуу киһибит А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылын долгуйа, киэн тутта, үөрэ бэлиэтээн, ыаллыы сытар улууспутугар дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ быыстапкабытын нэдиэлэ устата туруордубут.

Чурапчылар «Өксөкүлээх эйгэтэ» быыстапканы улаханнык сэҥээрдилэр
© ЯСИА.RU